Page 257 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 257

А ҤЫР

                    'Кутаалыыр  куйаас  күннэргэ
                    Кулуһун  быыһыгар  саһара,
                    Хараҥа  күһүҥҥү  түүннэргэ
                    Хааҥыргыы,  тэлбэҥнии  көтөрө,
                    Салбыгыр,  унньугур  бэйэлээх
                    Саһархай  аҥыр  эрэйдээх.
                    Элбэх  сири  эргийэн,
                    Итии  дойдуга  тиийэрэ,
                    Оҕолуун,  уруулуун.  көһөн,
                    Онно  кини  кыстыыра.

                    Санаан,  өйдөөн  ааһабын
                    Сэаскы  кэрэ  киэһэни  —
                    Улахан  күөл  саҕатыгар
                    «Уу  оҕуһа»  мөҥүрүүрүн.
                    Эмиэ  өйдөөн  ылабын
                    Итии  күһүҥҥү  киэһэни  —
                    Хараҥа  түүнү  быһа
                    Хааҥыргыыр  бэлиэ  саҥаны.

                                             1950  с.











                                   251
   252   253   254   255   256   257   258   259   260   261   262