Page 249 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 249

ТУЛЛУК

                Тойон  КЫЫЛ  КЭННИТТЭН
                Туе  хоту  дойдуга
                Туус  маҥан  дьүһүннээх
                Туллук  көтөн  кэлэр.

                От  туораҕын  ичигэстээри
                Хонуу  кырдалын  эргийэр,
                Отурбанан  үссэнээри
                Колхоз  куоппунатыл  кэрийэр.
                Хара  кыллаах  доҕууру
                Халты  хааман  ааһар,
                Үрүҥ  кыллаах  доҕууру
                Өйдөөбөккө  хаалар.

                Туундараҕа  сайылаан,
                Тупсан  үөекээн,  элбээн,
                Күһүн  тымныы  буолуута,
                Күөл  бүтэйэ  тоҥуута,
                Кыракый  атахтара  харааран,
                Кырыйыы  кынаттара  кылбааран,
                Соҕуруу  кэлэн  ааһаллар
                Элбэх  үгүс  туллуктар.
                                                  1950  с.








     ! 6 *                      243
   244   245   246   247   248   249   250   251   252   253   254