Page 383 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 383

Пионер  этэрээтин  тэрийэн
              Бэркэ  кыһанан  баһаатайдаата,
              Кыһыл  хаалтыһы  тиктэрэн
              Кыргыттар,  уолаттар  түөстэригэр  баайталаата.
              Хонуу-толоон  саҕатыгар
               Горн  куйаара  оонньоото;
               Парад,  демонстрация  иннигэр
              Барабаан  битийэ  тыаһаата.

              Онтон,  сотору  Өлөксөй
              Улуус оскуолатын бүтэрэн,
              Улуу  Лена  адаархай  д о л г у н у н
              ОҤОЧОНОН  ИККИ  с'ҤЫЫ  с и л эй эн ,
              Дьол  сырдык  чыпчаалын  ситиһэ
              Дьокуускай  муоракка  киирдэ.


                              *   *
                                *
               Учуутал  осиуолатыгар
               Уон  улуус  оҕото
               Улуу  кыһаҕа  уһаарьш  нна,
               Күлүмнүүр  сырдыкка
               Күннэтэ  өрө  ытынна.
               Сүрдээх  улахан  дьиэҕэ
               Сүүһүнэн  оҕо  олордо.
               Уоттаах  хосторго  киэһэ
               Уруопун,  үөрэҕин  толсрдо.

               Атыыһыт  Сүөдэр  уола  Кубаача
               Атын  ул|ууска,  ыраатан,
               Огдообо  эбэтин  түһэ],эр  бигэнэн,
               Онно  оскуоланы  бүпрэн,
               Туспа,  саҥа  араспаанньаланан,
               «Тулаайах  эрэйдээх»  ааттанан,
               Эмиэ  үврэнэ  киирдэ,
               Интернакка  көрдөһөн  сүүрдэ.

               Стипендия  көмө  ылан,
               Иьэтин  эдьиийин  булан,
               Он.го  олорон  үөрэннэ,
                             377
   378   379   380   381   382   383   384   385   386   387   388