Page 389 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 389

Эдэр кыысчаан  киирээхтээн,-
                Илиитинэн  далбаатаан
                Өрүс уҥуорун одуулаан,
                Өр  көрөн  туран  хаалла.

                Оҕонньор  кыыска эргиллэ-эргиллэ,
                Онтон  уолу  көрө-к©|рө,
                Өлөксөйү кыыс сайыспытын,
                Өрөкүйэр  сүрэх  долгуйбутун,
                Уол  иннинэ  урут  сэрэйдэ,
                Ону мичээрдээн биллэрдэ.

                Өлөксөй  дьэ  таайда,
                Өкүүчэ  кинини  сайыспытын.
                Кыһыҥҥыны өйдүу санаата,
                Кыыс  биирдэ  иҥэ  тэтэрбитин...


                Уол  санаата  саймаарыйда,
                Уон  аҥыы  алаарыйда.
                Кэннигэр —
                Үөрэммит  үрдүк  дьиэтэ,
                Үрүҥ  куопталаах  Өкү',үчэтэ.
                Иннигэр —
                Үөскээбит  сайылыга,
                ҮҥК|үрүйбүт  күөх  хонуута.
                Санаатынан  аралдьыйан,  •
                Саҥата  суох  маҕылдьыйан
                Күүскэ эрдэн  нһэн,
                Күрулгэҥҥэ  элээрдэн  тиийэн,
                Эрдиитин  талахха  таттаран,
                Эмискэ Т|уора  о^устаран,
                Оҥочоттои  эһиллэ  сыһаат,
                Уунан  сирэйин  саба  ыһынаат.

                Өлүөнэнэн  устан  иһэрин
                Өмүрэн,  саҥа  өйдүөбүттүү  тутунна,
                Иирэ-талах  элэҥниирин
                Эргиллэн  көрө-көрө  уһунна.
                Рҕуруоттаах  анныгар
                Оҥочо  кэлэн  истэ,
                Өлөксөй  биэрэк  сыырыгар
                Өрө  сүүрэн  таҕыста.
                                  • зьз
   384   385   386   387   388   389   390   391   392   393   394