Page 412 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 412
Өһүөн үтэһэтин туруору ыйыстан,
Өр баҕ&йы уһуутуу-уһуутуу
Өрө хонойон олордо.
Түүн да утуйбата—
Төбөтө «дыҥ» курдук.
Халтаһата ыпсыбата,
Харах сулус арҕаа1 барбыт.
Оҕонньор, тура охоон, тэринэн,
Улахан Маҕаачыйатын көлүнэн,
Улаатынар Охонооҥҥо тибилиттэ,
«Уруккуттдп үөлээннээҕэр» көтөн түстэ
Олоро-сыта өр сынаҕалаан,
Устар ууну сомоҕолоон,
«Ооҕуй илимин» үттэ,
Онно Охоноон иҥнэрин күүттэ.
«Урут, быһыыта, атаҕастаабыппын,
Уһун сыраҕын кыранан
хардалаабыппын.
Эн сөпкө хомой'буккун,
Эппитиҥ ээ, ол хоргуппуккун.
Өйдөтүһэр сөп буоллаҕа,
Өс-саас гыннахха күн да туллуоҕа.
Ыл, бургунас ынахта,
Эбэтэр биир эмэ атта.
Былаас этиитин сөпсөөтүм,
Былыргы 'батталы өйдөөтүм.
Баайбын-дуолбун барытын
Бар-дьоҥҥо тарҕатыам.
Уолбун, эмээхсиммин илдьэ
Уопсайга, артыалга холбоһуом.
Ким үлэлиир — аһыа,
Ким үлэлээбэт—харгыйыа.
Былаас инньэ диир,
Бэрт сөпкө сүбэлиир...»
406

