Page 125 - Сергей Васильев-Борогонскай. Поэт уонна гражданин
P. 125
диэн хоһоонун бүгүҥҥү олоххо төрөппүт уонна оҕо диэн
проблемаҕа сыһыаннаан көрдүм. Суруйааччы бу хоһоонун Аҕа
дойду уоттаах сэриитин кэнниттэн, олох тыҥааһыннаах кэ-
мигэр 1952 с. суруйбута. Бу айымньы суруллубута төһө да үйэ
аҥаарыттан ордук кэм аастар суолтата сүппэккэ, төттөрүтүн,
үрдээн иһэр.
ХХ1-с үйэҕэ үктэнэн олох хаамыыта сайдан, техниче-
скэй революция кэрдииһигэр тахсыбыппыт үрдүнэн, аан дой-
дуга сэрии проблемата син биир уруккутун курдук тыҥаан
турар. Сырдык-хараҥа күүстэр охсуһуулара өрүү күөрэйэн
тахса тураллара киһини дьиксиннэрэр.
Сэрии ыар тыынын таһынан билшгҥи күннээҕи олох-
путугар үгүс ийэ-аҕа дьолун быһар араас дьааттар, быһыы-
лар-майгылар харах уутупан сууннараллара баар суол. Били-
гин тастан көрдөххө, күннээҕи олохпут үүт-тураан курдук
эрээри, ис-иһигэр киирдэххэ, эрэйэ-муҥа элбэх. Хас биир-
дии дьиэ кэргэн оҕотун дьолун туһугар үлэлиир-хамныыр
эрээри, тастан араас сабыдыаллар дьайан киирэн, олохторун
аймыылларын бары да билэбит. Ону хайдах гынан тастан дьа-
йыыга дьайдарбакка, оҕо олоххо бэлэмнээх буолан тахсарын
туһунан боппуруос турар. Манна поэт хоһооиун саҕаланыы-
тыгар сүрэҕи-быары ортотунан киирэр тылларынаи «оҕото
суох олох суох» диэн өйдөбүлгэ аҕалар строкаларын тиэр-
дэбин:
Сайылык саҕатьшан, алаас тыатынан
Сака-икэ чугдаарбат буоллаҕына,
Самаан сайын кэлбэтин даҕапы.
Кыра оҕо атаҕын суолунан
Кыраһа кырса ойууламмат буоллаҕына,
Кырпай хаар туспэтин даҕаны.
Оһох иннинэн, остуол аттынан
Оҕо төбөтө кукээрийбэт буоллаҕына,
Упаар буруо субуйбатын даҕаны.
Кырдьыга даҕаны, бу буккуурдаах быыһык кэмҥэ оҕолор-
бутун быыһыыр суолу көрдөнүөхтээхпит. Улуу дьон үгүстүк
хатылыыр тылларын холобур аҕалыахпын баҕарабын: «Туох
барыта оҕо саастан саҕаланар». Ол иһин дьиэ кэргэн киһи
олоҕун саҕаланыытыгар акылаат, тирэх быһыытынан сыана-
ланар. Оҕо күннээҕи олоххо көрсөр күчүмэҕэйдэрин сатаан
быһаарына үөрэнэрэ дьиэ кэргэн ситиһиитэ буолар.
123

