Page 74 - Сергей Васильев-Борогонскай. Поэт уонна гражданин
P. 74
Хас биирдии хоһоон дорҕоонугар толору дьүөрэлэһии
көстүбэтэр даҕаны, кини консонансы уонна ассонансы тут-
тан айымньытын тутулун бэрээдэктиир, ис киирбэх буола-
рын ситиһэр.
Сытыары аллитерация С.Васильев айымньыларыгар эмиэ
баар, ол эрэн туруору алл итерациятааҕар аҕыйах уонна туруо-
ру дьүөрэлэһиини кытта быстыспат:
Сэмэнэп силбиктээх сиккиэрэ,
Сэбирдэҕи сиксийбиккинэн,
Сэрэн, олус киһиргээмэ! (С. 9 2 )
Кини хоһооннорун бастакы сүһүөҕүн 2—3 дорҕооно
үгүстүк дьүөрэлэһэр:
Арамаан совет артыала
Араҕас-ньуөгү алаастан
Арыы балаһа анатан... ( С . 1 6 )
4 дорҕоон дьүөрэлэһэр холобура эмиэ баар:
Тикийэр-таҥыйар тыаһыттан
Тикилэх кытта доргуйбут. ( С . 1 7 )
С.Васильевы кытта т э т гэ литератураҕа киирбит эдэр поэт
И.Арбита айар үлэтин холобуругар 1930 с. аллитерация туру-
гун литературовед Е.А.Архипова чинчийбитэ уонна аллите
рация хас да көрүҥүн араарбыта3. Онно олоҕуран С.Васильев
айымньыларыгар аллитерация көрүҥнэрин наардыахпыт. Ол
курдук:
1. Тыллары хатьшаан туттуу. 31 холобур бэлиэтэннэ, хо
лобура:
Хас суха тумустанара,
Хас хотуур туураланара. ( С . 7 9 )
Эбэтэр: Ыал ахсын радиота киллэриэххэ,
Ыал ахсын телефонна тиэрдиэххэ. ( С . 8 1 )
2. Ус бастакы дорҕоон сөп түбэсиһиитэ. Манна 91 холо-
буру буллубут, ол курдук:
Харана хара тыаларгын
Хардаҥ эһэ эрэ аймыыра. ( С . 2 5 7 )
Эбэтэр: Куорэй эрэ,
Куорэгэй буолан,
Куөх толооннору урдунэн. ( С . 2 5 4 )
72

