Page 45 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 45

Тоҕус  ыйыҥ  туолуутугар
                 Добун  талыы  добордонон,
                 Айан  талыы  аргыстанан,
                 Хаҥас  орон  иннигэр
                 Хардаҥ  от  үрдүгэр
                 Төбөбүнэн  түһэн
                 Төкүнүйэ  сыппытыҥ...
                 Эрдэттэн  эрэйгэ  эрчиллэн,
                 Эрдээх  буоллун  диэбиттии,
                 Тобурах  хаарым  уутуман
                 Туос  чабычахха  сайҕаабытым,
                 Көлөһүннээх  ытыспынан
                 Көхсүгүн  имэрийбитим,
                 Ардахтаах  хоргунунан
                 Атаххын  аҕыныахтаабытым,
                 'Горбос  тмриитинэн
                 Чороччу  суулаабытым,
                 Эриэн  ситиинэн
                 Эпсэри  кэлгийбитим...
                 Олорор  буолаат,
                 Оһох  иниигэр
                 Сыгмниьах  эккинэн
                 С],1ыстаах  сиргэ  сыылбытыҥ.
                 Агаххар  тураат,
                 Алаһа  дьиэни  тэринэн,
                 Аал  уоту  оттон,
                 Сэргэ-чэчир  анньаары,
                 Сир  көхсүн  оимээри,
                 Сүгэлэиэн  сүүрбүтүҥ,
                 Сүлдьүгэһи  соспутуҥ.
                 Чаачарданан,  чааркааннанан
                 Тапырдьа  дойдуламмытыҥ;
                 Охтонон,  ырбаланаи
                 Ойууру  сирэйдэммитиҥ:
   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50