Page 40 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 40
Мин хайам
Эрилкэй харахтаах
Эдэркээн кыыстардаах.
Мин хайам
Будьурхай баттахтаах
Бухатыыр дьоннордоох.
Мин хайам
Эйэҕэс майгылаах
Эриэккэс норуоттаах.
Мин хайам
Күндүкэй тойуктаах
Күөрэгэй чыычаахтаах.
Мин хайам
Кэрэ-чуор куоластаах
Кэрээбэт кэҕэлээх.
Мин хайам
Күн түһар сыраллаах
Чаҕылхай килбиэннээх.
Мин хайам
Үөрүүлээх-көтүүлээх
Ньиргийэр ырыалаах.
1938 с.
УУГД ТҮСПҮТ АННЬЫЫЛЫЫ
Дьыбардаах эрдэ сарсыарда
Чымааннаах-омуннаах Сахаарка
Анньыытын ойбоҥҥо түһэрэн
Лй.манан, суланан-кэлэнэн,
Ыһыытаан-хаһыытаан таҕыста,
Ытыһын өттүгэр 05угта.
31

