Page 44 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 44
Тагпыыбын: сарсыҥны килбиэннээх кэскилгим
Сиидэстии дьэргэйэр сиэдэрэй симэххин!
Чуораанныы чугдаарар омуннаах ырыаҕын,
СурЭ5и дуоһутар сөп-сөрүүн салгыҥҥын!
Аврора тыаһына:; арбыйа дарбыйбыт
Албаннаах дьоннору биһиккэр ииппнккин.
Үҥкүүлүү дьиэрэйбит, күлүмнүү мичээрбит
Үйэлээх үөрүүнү уһанан кэлбиккин!
Киэҥ тайҕаҥ быыһыгар кылааннаах кэрэтин
Кичэйэн муспуккуп бар дьоҥҥо ууммуккуи.
Күн сирин күндүтүн, дьон-норуот киэргэлин
Көмүһү, алмааһы биһиэхэ уурбуккун.
Киэҥ Ньурба, киэҥ Ньурба, ахтабын эйигин,
Кэрэчээн кэмнэрбин, күөгэйэр күннэрбин!
ИЙЭ АЛГЫҺА
Хараҕалаах халыҥ тааспар
хаххалаан,
Хайцахтаах хара быарбар
хапыылаан,
Толугуруур тойон сүрэхпэр
доҕордоон,
Томтойор тоҕус ыйгын
толорбутум...
Иһим иһигэр
эрдэххиттэн —
Убаг,ас бутугаһынан
угуттаабытым,
Иҥнир этинэн
эрчийбитим,
Харыалаах лэппиэскэнэн
хатарбытым..;
38

