Page 184 - Бойуот
P. 184
— Маннык «кунду ыалдьыты» муччу туппатах бадайы-
быт ини. Сэмээн, кэл эрэ! — диэтэ Бадыстар чинээбиг
куолайынан.
Онуоха Махсыын кэннин хайыйан эрдэдинэ, Сэмэн
кинини содооччунан оройго сырбатта.
Муннунан-айадынан хаана баран, ейун сутэрэн сытар
Махсыыны илиитин кэдэрги кэлгийэн, айадар таьгайы ба-
тары анньан, орон анныгар бырахтылар.
— Атын хайыыбыт? — Сэмэн ыйытта.
— Сургуйга, киллэрэн аЬатан кэбис. Бассабыык ата —
бастын- ат буолуо. Эн илдьэ барыан , — Легентей саната
дьаЬайар.
Сэмэн хап-сабар тахсан барда.
— Тукаам, Баасаа, чэ, кэл олор. Бырааттарга учугэй
хоой хостуурдаах, тергуу суерэрдээх баран эрэдит.
— Дьэ, кырдьык, — диэтэ Бадыстар, остуолга олоро-
олоро. — Туох да бэлэмэ суох олордохпутуна киирэн, тал-
бытынан туурэйдээн тахса сыста эбээт. Хата, Сэмэн ким-
хайа иннинэ корен, этэн нэ илиибит далыгар киллэрди-
бит. ТаЬырдьа олус ер буолбута. Аны чадардарга киирэ
сылдьыбыта буолаарай, хомурдуос баара.
— Чэ, сырыттын, ол аайы аны иккийин дьаарбайбат
ини.
— Кийи эрэ кербетех буоллун. Тукаам, биЬиги эргин-
тэн саамай кутталлаах кийини туттун, хомурдуос баара.
Аны куоттаран кэбиБээйэн ий?
ТаЬыттан, туох да буолбатадын курдук туттан-хаптан,
Сэмэн киирэн кэллэ.
— Ыаллар утуйдахтара буолуо. Ибири-сибири хомунан
барьпг. БаБылай бэйэн' сонодоскунан, отгон эн, Сэмэн, бас-
сабыыгы бэйэтин атынан илдьэ бар. Эн диэтэх кийи ки
нини, ама, куоттара оонньуур уйугуен. Хомурдуос баара.
— Куотаары гыннар эрэ, отгон, тымныы быйады сурэ-
дэр...— Сэмэн, учугэйдик да этгим диэбиттии, кулэн
ыманнаата.
— Agaa, сарсын ити хомуньууйу ирдии кэлэллэрэ буо
луо. Туох диэх бэйэккэдиний?
— Куттаныма, тоойуом. Булан хоруйдуом. Хайдах эмэ
мулур-халыр туйээ инибин. Хомурдуос баара.
Кыычаан Махсыынтан куотан, кырдьык, хотон тугэдэр
туспутэ. Онно торбостор долборуктарыгар, Махсыын дьиэ-
178

