Page 46 - Бойуот
P. 46
Онон бэйэбиттэн арахпат буолан хаалан, иннибэр илдьэ
сылдьан, суолларын эрэ хайдарабын, ирдэтэбин.
Албакыын булчуттара ус хонугу быЬа тыаны кэрийэл-
лэр да, туту да булбаттар. Кердееччулэр тердус хонуктары-
гар Хатты урэдэ диэн, ыраах кырыы урэххэ тахсан, хойу-
таан хаалаллар. Кун киирбитин кэннэ Таас Куел диэн эбэ
куулатынан баран истэхтэринэ, арай сурдээх уорааннаах
хаЬыы иЬиллэр. Бу Бойуот хаЬыыта этэ. Кини бу дьонтго
туох да куЬаданы оьгорботодун урдунэн эккирэтиЬэ сыл-
дьалларын уонна ессе ааЬан-арахсан биэрбэт буоллахта-
рына, бэйэлэЬиэхтээдин туЬунан, хаЬыытаан биллэрэр.
Онуоха «булчуттар» этгэрэ салаЬар, куйахалара куурэр.
Тыа сирин ойодос суоллара хаЬан да хоролдон ыллык
буолааччы. Оннук суолга дьон субуруЬан эрэ айаннааччы-
лар. Бойуот хаЬыытын истээт, саамай кэнники иЬэр Ал
бакыын ойуун инники киЬитин иннигэр киирээри гым-
мытыгар, анараа киЬи иэнэ кэдэкис гыммыт да, дьон
иннигэр ыстаммыт. Онтон дьон бары бастаан тургэн хаа-
мыынан, онтон букатын мук кетуунэн туЬунэн кэбиспит-
тэр. Ким эмэ куотаары гыннадына сонун тэллэдиттэн хам
тутан, теттеру тардан тохтото-тохтото, сырсан тигинэЬэн
тиийэн, дьиэлэнэн олорор ыалларын аанын тэлэйэ бат-
таат, ус-туерт киЬи аакка ыга туЬэн хаалан баран, ын-
чыктаЬа-ынчыктаЬа анньыЬан, дьиэ ортотугар эмискэ то
ле баран таралыЬа туЬэн, дьон сурэдин хайытан елере
сыЬаллар. Дьиэлээхтэр:
— Хайа бу хайдах буоллугут? — дииллэр.
— Уол Тойон хаЬыытын истээт, — диир Албакыын,
адылыырын ahapa-ahapa, — ийэ кыылым кутуругун быЬа
кыбыйаат, дьон ортотугар ыстанна. Ону ити дьон, киЬи
тылын истибэккэ, иннилэрин диэки нерус гыннылар уон
на тургэтээн бардылар. Онно ийэ кыылым иннин диэки
ыстанан кэбистэ да, туос амабар туЬэн хааллым. Билигин
кини дьиэтигэр тиийдэдэ.
— Ол аата биЬигини, кус-куобах курдук, кекул туту-
талаан сиир уердэр буулаабыт буоллахтара дуу? — диир
дьиэлээх киЬи. — Юярдьадаас, эн кыайбатаххын ким кыа-
йыай?
— Дьиэбэр тиийэммин, хаттаан утэйсэн керуем. Бии-
тэр мин, биитэр кини буолуо! — диир Албакыын.
Бу кунтэн ыла «кердееччулэр», эргийбэт гына, бары
тардаЬаллар. Бу кунтэн ыла Бойуоттаах Нуоралдьыма су-
40

