Page 18 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 18

УЛУУ КИҺИ ОҔОТО БУОЛАР УУСТУК
                                                     Савва Тарасов,
                                  Саха Республикатын народнай поэта.
                                                2001 сыл, муус устар

             ''Унньуктаах  уһун  сылларга  Өксөкүлээх  Өлөксөйү  өрө-
          таҥнары  сыымайдааһын,  быста-быста  салҕанар,  бүтэр  уһуга
          көстөн  биэрбэт  кэмигэр,  биһиги,  бшшҥҥинэн  тэйиччи  улуус
          дьонноро, кини суос-соҕотох уол оҕолооҕун истэр этибит. Саа-
          май  дьиктиргиирбит  аатыттан  быһыылааҕа:  Реас.  Туох  диэн
          тыл буоллаҕай диэн үгүстүк таайа, билэ, тобула сатыылларын
          өйдүүбүн. Уонна үгүстэр ити аат сахалыыта: «Эрэйи аас», —
          дииллэригэр  сөбүлэһэр  этибит.  Бука,  ити  сөбүлэһиигэ
          Өксөкүлээх бэйэтин дьылҕатыгар — өлбүтүн да кэннэ сүгүн
          сьҥыарбакка, оччотооҕуга өссө баара-суоҕа биллибэту1гуоҕун
          үрдүгэр  «үҥкүүлээһинтэн»  сылтаан,  бу  киниэхэ  түбүлээбит
          эрэй хаһан ааһыаҕай диэн норуот сүрэҕин ыарыылаахтык аалар
          ыйытыыга собүлэһии баара эбитэ буолуо...
            «Олох таайыллыбат таабырыннардаах», — диэн дьон мээ-
          нэҕэ  эппэттэр.  Мин  олоҕум  оннук  биир  эрдэттэн  таайыллы-
          батах таабырына, дьэ ити дьикти аатгаах киһини, Өксөкүлээх
          соҕотох  уолун  кытта  билсиһиим  буолбута.  Билсиһии  диэн
          этэр бу түбэлтэҕэ чычырбас, кыараҕас буолуо... 1969 сыллаах-
         ха,  бэртээхэй  дьогдьоот  күһүн,  Чурапчыга  сүүһүнэн  киһи-
         лээх  сыбаайба буолла.  Биллэҕим,  саха  биллиилээх  суруйаач-
         чыта  Михаил  Доҕордуурап  улахан  кыыһа  Маня  Өксөкүлээх
         сиэнигэр, Рсас уолутар, Ясон Кулаковскайга кэргэн таҕыста.
         Сыбаайба  хас  да  хонук  инниттэн,  саҥа  уруулуулар  икки
         өттүлэриттэн:  «Оҕонньор  кэлэр  үһү»,  —  диэн  кэпсэтиилэр
         улам  чааста  буолан  бардылар.  Ыраахтан  кэлэр  эбит  —  Чы-
         чымахтан.  Уруу  саҕаланыытыгар  ол  саҕана  киэнтгнэн-куо-
         ҥунан,  саҥатынан  аатырар  Доҕордуураптар  дьиэлэрин  ин-
         нигэр  эдэр ыалы эҕэрдэлээһин буолла. Мин ыраахтан туран,
         уоллаах-кыыһы  эҕэрдэлиир  хаар  маҥан  баттахтаах,  кытар-
         хай хааннаах кырдьаҕас киһи сахалыы уустаан-ураннаан лоп-
         бааччы алҕаабытын олус сөбүлүү истибитим. Дьэ, ити били,
         аатын  уруккаттан  истэр  Реаһым,  Реас  Алексееиич  Кулаковс-
         кай  этэ.  Ити  киэһэ  биһигини  олохпут  тухары  дириҥник
         ытыктаһар доҕордуу, аймахтыы оҥорбута. Онтон ыла отучча
         үгүс  үөрүүлэрдээх  да,  мыыныыта  суох  элбэх  хомолтолордо-
         ох  да  күннэри-дьыллары  бииргэ  аһарбыпныт.  Ити  кэмҥэ
         бэрт  элбэхтик  көрүстэхпит,  кэпсэтгэхпит,  санаабытын  үллэ-
         һиннэхпит  буолуоҕа...  Олортон  бэрт  аҕыйах  түгэни  бүгүн

         14
   13   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23