Page 226 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 226
Призвав для этого самого бога юкагирского.
И в будущем переплывай множество зим и лет!
Наши сердца обрадуй,
Заставляй петь их
Новыми мудрыми повествованиями!
Улуро Адо
12. Күндү үөлээннээҕим Реас Алексеевич!
Үтүөкэн аҕа, дьоллоох эһэ сабачча сааһы эбии олор —
уһунтан уһун үйэлэнэн!
Ручкаҕын өссө күүскэ салай-ай, үлэлээ өссө даҕаны. Ол
биһиги олохпут!
УуРУУбун Реас, эһэ, аҕа барахсаны...
А.Сыромятникова,
Дьокуускай, 28.03.84 с.
13. Эйэҕэс, иһирэх тылынан
Эдэркээн көлүөнэ ьгччакка
Эйэни, эрэли иҥэрэр
Эриэкэс сэһэнньит киһиэхэ
Өссөда саҥаны айаргар
Эрэнэ, кэтэһэ хаалабын
Эдэр автор, Н.Вииокурон
14. Реас Алексеевич!
Эн аҕаҥ миигин үөрэппитэ.
Мин эйигин үөрэппитим. Оггон суруйууга мин эйигит-
тэн үөрэниэх курдук буолан бардым. Эн ис киирбэх, лоп
курдук, оноолоох толкуйдаах, хоннохтоох суруйааччы буол-
луҥ.
Туохтан? Учууталгьггтан: эйигин Олох Хотун бэйэтэ үөрэт-
тэ. Олох Хотунтан ордук учуутал, ама, Ким баар буолуой.
Учууталыҥ муҥура суох билиилээх, мунура суох иэйии-
лээх, Өлбөт Мэҥэ уутун куруутун ууммутунан турар. Ол
иһин эн эмиэ Өлбөт Мэҥэ тыыннаах буолуохтааххын.
Оннук буоллун!
Убайьпг, Суорун Омоллоон,
30.03.1984
15. Р.А.Кулаковскайга
Чуучугуруур туус тумус
Чаачыгырыыр таас таҥалай
224

