Page 227 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 227

Далан Өксөкү оҕото,
        Хомпоруун хотой буолаҥнын
        Күүстээхтик өрө көтөн күпсүйэн,
        Салгынтан тайанан сабырыйан,
        Сэттэ уон халлаан сиһигэр
        Сэгэс гына түспүккүн,
        Хорсун быһыыга холуйаммын
        Хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйдум!
        Уруй!
        Инникитин да
        Өксөкүтгэн Өксөкүлэр үөскээннэр,
        Хойутун да
        Хотойтон хотойдор куорсун анньаннар,
        Киэҥ ийэ дойдубут
        Киэркэйэ турдун!
        Тускуо!...
                                             Михаил Тимофеев,
                                                        29.03.84.

        16.
                 Үс киһи туһунан
                 Баҕарабын үс киһи унүоҕар
                 Сибэкки дьөрбөтүн ууруохпун.
                 Күннээххэ биитэр хараҥаҕа
                 Сөҥүөрэн өр туруохпун.

                 Билбэппин, оо ханна көмүллэн,
                 Ол үс киһи сыталларын,
                 Баар курдуктар хайдах эрэ илэ...
                 Билэбин сүрэхтэргэ тыыннаахтарын.
                 Өксөкүлээх, Махсыым, Былатыан...
                 Элбэҕи этэр дьоһун ааттар,
                 Мин кинилэри мэлдьи ахтыам,
                 Кинилэри, кэрэ барахсаттары.
                 Үлэһит норуот туһа диэннэр,
                 Үлэлээн үрүлүйэн ааспытгар,
                 Үөрэҕи, үөрүүнү үксэтэннэр,
                 Үтүө ааты, тапталы ылбыттар.

                 Кинилэрдии хас биирбит олордорбут,
                 Кэскиллээҕи, үйэлээҕи оҥордорбут,
                 Дьоллоох да курдук сананыахпыт,
                 Дуоһуйа, холкутук тыыныахпыт.


       ) 3аказ№63                                          225
   222   223   224   225   226   227   228   229   230   231   232