Page 253 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 253

турда.  Учайтан  көрдүүр сирин  биэрэн, хайдах эрэ сөпкө бы-
        һаарбыппын  дии  саныыбын.  Сайылыктааһын  саҕана  Алек-
         сей Учайтан өтөхтөн сайылык көрдөөтө ону: «Эс, эргэ өтөххө
         олорума,  саҥа  сиргэ  олор»,  —  диэн  билинлги  сайылыгын
        ыйан  биэрдим.  Уолум  хата  утарбат.  Онно  Реас  Алексеевич
         баран  сынньанан,  кэлин  уолугар  элбэҕи  сүбэлээбитэ,  такый-
         быта буолуо дии саныыбын.
           Түмүгэр,  Реас  Алексеевич  «Аҕам  олоҕо»  диэн  кинигэтин
         сүрэхтэниитэ улуус администрациятьш залыгар буолбута, онно
         сынньалаҥҥа олорон кэпсэппипит. Учууталым кинигэтин ту-
        тан олорон, арыйан баран суруйбута «Оҕобун көрө сырьгг» диэн.
         Маны кэс тылынан санаан, Алексей Реасович туйах хатарааччы
         буоларын  быһыытынан,  эһэтин  ытык  миэстэтҥгэр  олохсуйа-
         рьҥар олоҕун буллардым уонна булла диэн эрэх-турах санана-
         бын. Боччумнаах, киэҥ далааһыннаах санаатын, үлэтин билэ-
         бин уонна ылсыбытын ыһьпстыа суоҕа диэн эрэнэбин.
           Реас  Алексеевич  75  сааһын  туоларыгар,  биһиэхэҕэ  Ам-
         маҕа кэлбитэ, кыараҕас соҕустук айылҕаҕа бэлиэтииргэ көрдөс-
         пүтэ. Билэр, истиҥдоҕотгоро бааллара. Кэрэ айылҕалаах Амма
         өрүһүн  үрдүгэр  таалалаан  сытан  биир  күн  сынньанан,  дуо-
         һуйа  кэпсэтэн,  оонньоон  арахсыбыппыт.  Онно,  бу  75  саас-
         таах  оҕонньоттор  Степан  Данилович  Софронов,  Реас  Алек-
         сеевич  эдэрдэри  кытта  сырсан,  миэстэ  былдьаһан,  атыны
         оонньоон  дуоһуйбутгара  бэрдин.  Оннук  киһини  тардар  айы-
         лҕа, күндү мааны Амма Эбэ хотун:
                          Ис дууһаҥ сырдыга
                          Киниэхэ аһыллар,
                          Амма Эбэ хотуҥҥа.
                          Үйэ тухары тардыһар.
                          Эн истиҥ, Учайьпг,
                          Дууһаҥ ымыыта,
                          Оҕоҥ, аҕаҥ олоҕо
                          Үйэлэргэ харыстана
                          Туруохтун эн Учайыҥ.


                  УЧУУТАЛЫМ ТУҺУНАН ӨЙДӨБҮЛҮМ
                          Елена Васильевна Платонова-Аввакумова,
                          Учай урукку олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ,
                                              Дьокуускай к., 2004 с.

              Мин дьо1гум олохторо Учайга этэ. «Көрдөрүүлээх» хол-
           куоска киирэн баран, Учайга көһөн колхуос бөһүөлэгэр оло-

                                                               251
   248   249   250   251   252   253   254   255   256   257   258