Page 111 - Оло5у таптаа Реас К
P. 111
набын. Дөксө көрүдьүөһэ баар, мин ол дьон барахсат-
тарга тугу эмэ дук гыммыппын өйдөөбөппүн. Арай
аҕыйах чэйи уонна эргэ бараан сонноохпун утары
ууммутум. Баҕар, ол туга да суохпуттан эбитэ буолуо.
Сүөһүм ахсаанын туһунан кэлин оабаҕалаатахпына,
үс ыанар ынахтан биирэ колхозка холбоммут буолуох-
таах эбит. Ону таһынан биир тиҥэһэ дуу, тыһаҕас дуу
баар буолуохтаах.
—■ Уончалар,— дии охсобун, ити мискиирдээх
ыйытыыттан быыһана охсоору эрэ.
— Хаһа улаханый?—диир холку бэйэлээхтик.
— Алтата,— диибин. Сымыйалаа да сымыйалаа
буоллаҕа дии.
— Элбэх суөһүлээх эбнккин, доҕор. Колхозка
киирбэтэҕиҥ дуо?
— Колхоз тэрилиннэҕин дьыл киирбиппит. Оччо-
лорго здьиийим тыыннаах этэ.
— Оттон устаапка оччо элбэх сүөһүнү көҥүллүүл-
лэр дуо?—диир уонна дууһам түгэҕин одуулуурдуу
тонолуппакка көрөр.
— Ээ, билбэтим. Мин ити сүөһү туһунан оччо-бач-
чабилбэппин даҕаны,— диибин, көлөһүммүн соттобун.
Дьэ итинтэн кэпсэтиибит атыҥҥа сыҕарыйар. Кинп
здэр эрдэҕинээҕититтэн биир түгэни кэпсээтэ:
— Мин эдэр эрдэхпинэ билисипиэтинэн сылдьар
этим. Наһаа үчүгэйдик үөрэммитим. Саас, өрүс эстии-
тигэр, куорат дьоно муус устарын көрөөрү өрүс хаа-
пыгар киирэннэр, төттөрү-таары хаамсар үгэстээх
втилэр. Дьон хойуутук киирэллэрэ. Онно мин билиси-
пиэтим уруулун ыһыктан кэбиһэн бараммын, ол дьону
быыһынан сылымната сылдьаммын, пиджагым сиэбит-
Ьгэн кумааҕы, мохуорка ыламмын, бөппүрүөскэ эринэн,
109

