Page 106 - Оло5у таптаа Реас К
P. 106

Алампа суоҕа. Дьиэҕэ дьукаах дьахтара соҕото-
         ҕун олорор эбит.
             — Ким нааданый? — диир сүр тоҥуйдук.
             — Суох,— диибин. Дьахтар туох эрэ диэхчэ өрө
         көрө түстэ уонна туттунан, миигин таҥнары көрөн,
         хараҕа ньаппайан түспүт этэрбэһим тумсугар тох-
         туурга дылы гынна. Киэргэлгэ кэтэр саары этэрбэс-
         ҥин киһи одуулаһан эрэриттэн мин эгди буоллум, си-
         миттибитим арыый ааһарга дылы гынна.— Алампаҕа
         кэллим,— диэн эбэн этэбин.
            — Тыаттан киирдиҥ дуо? — диэн ыйытта.
            — Ээх. Ээ, суох, тыаттан буолбатах, Тааттаттан.
            — Кимҥиний?— Мин ааппын-суолбун толору этэ-
         бин. Онуохаҕа дьахтарым ама оннук дуо диэбиттии
         миигин эмиэ өрө-таҥнары көрбөхтөөтө уонна:
            — Түүн кэлиэҕэ,— диэт, дьиэтин үлэтин үлэлээ-
         битинэн барда. Мин малбын ол-бу алдьаммыт олоп-
         пос, остуол, кырабаат эҥин күөрэ-лаҥкы хааламмыт
         террасатыгар тастым, онтон аччыктаабытым бэрт
         буолан, эрэҥкэдийэ быһыытьтйан дьиэҕэ киирдим.
         Аны санаатахпына, эбиэт бириэмэтигэр кэлбит эбип-
         пин, Алампа дьукааҕа бэрт эдэр киһи кэлбит. Остуол-
         га ас толору. Миигин кытта кэпсэтии суох. Бэйэлэрэ
         дөрүн-дөрүн, ону да нууччалыы кэпсэтэллэр. Хайыах-
         пыный, олорбохтуу түһэн бараммын таҕыстым. Бэрэ-
         мэдэйбиттэн биир тууйастаах арыыны ыламмын кы-
         быиан кэбистим уонна ас атыылыыр, атыылаһар сир-
         дэрэ баһаар диэн туох эрэ лааппы баар буолуохтаа-
         ҕар бардым.
            Дьэ доҕоор, дьиэтэ-уота, киһитэ-сүөһүтэ элбэҕэ...
         ханна да сир өтүө суохпун. Ыксаатым. Биир суои
         баҕайы нуучча эмээхсинэ утары иһэриттэн:
            — Где пожар? — диэн ыйыттым. Ити мин «ба-
         104
   101   102   103   104   105   106   107   108   109   110   111