Page 19 - Оло5у таптаа Реас К
P. 19

Сирилэс сырыылаах
                   Сиидэркэ бэйэлээх
                   Сиэгэннээх күөлүгэр,
                   Симилэхтээх баһыгар,
                   Сэргэлээх алааска,
                   Сибэккилээх хонноххо
                   Сириэдийэн олорор
                   Силээхтэ Сэмэн кыыһыгар,
                   Сиэркилэнэн саатыыр,
                   Сиэдэрэйдик таҥнар,
                   Сиэбигэр хомустаах,
                   Сиэҕигэр тимэхтээх
                   Сэгэлдьийэр Сиинэҕэ,
                   Сэлэһэ диэн ааттаан,
                   Силигирэтэн иһээхтээн,
                   Сиибиктэлээх сиһигэр
                   Сиһигэр диэри түспүтэ.
                   Сииккэ сиэлбитэ,
                   Сиргэ силлээбитэ,
                   Сири-буору кымаахтаан,
                   Сирэйэ кытаран
                   Сиинэтин мэлдьэспитэ —
                   Сэһэн буолан
                   Сир-дойду туолбут.
                   Сиилээччи сиилээбит,
                   Сэмэлээччи сэмэлээбит,
                   Сэтэрээччи сэтэрээбит.
                   Сиидэркэ синигэр түһэн,
                   Сити сэһэни истэ-истэ,
                   Сэмээр күлэр үһү.
                   Сиинэтэ итинтэн тымтан
                   Силбиэтэммит бастаан,
                   Сотору улам уоскуйан,
                   Сойон, уҕараан хаалбыт.

       Оччолорго суол куһаҕана бэрт буолан, Сиидэркэ
    еир аайы олорон хаалаахтыыра. Ордук үгүстүк бө-
    һүолэк таһынааҕы уу хонор быыкайкаан суол оҥхо-
    йугар хас бардаҕын-кэллэҕин аайы түһээхтиирэ. Ону
    кэлин «Сиидэркэ бадараана» диэн ааттаабыттара.
                                                        17
   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24