Page 23 - Оло5у таптаа Реас К
P. 23

Доҕоор, бааргын дуо?—диэн тобо барбыт. Йти
          Сиидэркэҕэ сүрдүк дорҕооннонон, дуораһыйан иһил-
          либит. Сиидэркэ кутталыттан кирис гына түспүт, иһи-
          г)р: «һуу, дуорааннаах саҥалаах! Арааһа, сулус
          киһитэ быһыылаах. Адьас, муус килиэ киһи буолуох-
           гиах. Ханна эрэ дыраллан турар? Бэйэ эрэ, сахалыы
          саҥарар буолбат дуо? Хантан кини сахалыы билэрий?
          Тоҕо дьиктитэй?»
              — Доҕоор, тоҕо саҥарбаккын? Бааргын дуо? Тыын-
          пааххын дуо? — диэн, бэркэ ыгылыйан хаһыытаабыт
          били киһи. «Кыыһыртахха куһаҕан буолуо. Хайдах
           <мэ гынап албыннаһан көрүөххэ» дии санаабыт кут-
           галыттан уҥуоҕа халыр-босхо бара-бара Сиидэркэ:
             — Ба-ба-баарбын,— диэхтээбит уонна киһитэ хай-
          дах гыпарын көһүппүт.
             — Эчэйбэтиҥ дуо?
             — С-су-суох...
             — Оччоҕо массыынаҕын умуруор.
             «Тыый. уонна хайаары гыннаҕай? Суох, тылын то-
          лордоххо эрэ табыллар» дии санаан, массыынатын
          тохтотор.
             — Доҕоор, хайдах эмэ гынаҥҥын бу трос төбөтүн
          шгиннэр. Мин таттаран көрүөҕүм. Сэрэн, бэйэҥ са-
          таан сиргэ түһүөҥ субҕа.
             «Тыы, салгыҥҥа ыйанан турдаҕым дуу? Кини
          мннгин сиргэ түһэрээри гынар эбит буолбаат?» дии
          саныы сыттаҕына киһи саҥата:
             — Доҕоор, сэрэнэҥҥин кабинаҥ аанын аһаҥҥын,
          бу трос төбөтүн ыла сатаа,— диэбит киһи саҥата.
          Сиидэркэ быстыа дуу. ойдуо дуу, сэрэнэн-сэрэнэн ка-
          бинатын аанын аһан, таҥнары өҥөйөн көрбүтэ — Сеня
          днэн бэйэтин биир дойдулаах суоплара өрө хантайан
          турар үһү.
                                                              21
   18   19   20   21   22   23   24   25   26   27   28