Page 20 - Оло5у таптаа Реас К
P. 20
Биирдэ, өйдүүбүн ээ, Сиидэркэ оройуоннуур7 буол-
бут. Дьиэ таһыгар айдаан, сүүрүү-көтүү сүрдэммит.
Икки оҕус тутуллан, күрүөҕэ бааллан тураллар. Биэс-
алта эр бэртэрэ тэлгэһэҕэ сорохторо олорор, /сорохто-
ро сытар. Аттыларыгар хас да кирис өтүүлэр түүрүл-
лэн сыталлар. Өр-өтөр буолбат, саҥа холбоспут
Сиинэтин кабинатыгар олордубут Сиидэркэ бу куугу-
натан кэлэн оҕуруот таһыгар тохтуур уонна:
— Хайа, чэ, барыаҕыҥ,— диэн кабинатын аанын
тэлэйэн олорон хаһыытыыр. Онуоха дьон турдулар.
Сорохторо кузовка таҕыстылар. Икки эдэр киһи оҕус-
тарын мииннилэр уонна «Сиидэркэ бадараанын» диэ-
ки көокөҥнөтө турдулар. Сотору соҕус буолан бараи
онно хаһыы-ыһыы, ый-хай сүрдэннэ... Онтон ол диэ-
киттэн дьон төннөн адаарыҥнаһан кэллилэр. Ол аата
Сиидэркэни бэйэтин бадарааныттан хостоон, оро-
йуоҥҥа атаардахтара.
Сиидэркэ ити күн биллибэтэ. Нөҥүө күнүгэр сар-
сыарда эрдэ оройуо!нтан турбут сураҕа иһилиннэ. Он-
тон киэһэ түөрт чаас саҕана сир ортотугар баар биһи-
ги учааскабыт киинин, Кулуһуннааҕы, ааспыт сураҕа
билиниэ. Сиидэркэ онтон ыла тааһы ууга бырахпыт-
тыы сүттэ. (Оройуон киинэ биһипиттэн аллаах аттаах
киһи эргиллэр сирэ ээ.)
Кэмниэ-кэнэҕэс, утуйуох эрэ иннинэ, киһибит мас-
сыынатын фаратын уота тииттэр төбөлөрүнэн сандаа-
рыҥнаан көһүннэ. Сотору соҕус буолан баран, тиэл-
лэн иһэр дьон саҥалара иһилиннэ:
— Хаҥас диэки 'оалай!
— Уҥа, уҥа эрий!
— Туй-сиэ, инниҥ диэки бар!
Итинник аймалҕан иһиллимэхтээн баран, эмискэ
ньим барда.
1«

