Page 91 - Оло5у таптаа Реас К
P. 91

дьиэҕэ олорор. Биир улахан баай ыал тас үлэтин кө-
           рөр эбит. Сарсыарда турбутум, аппын илдьэ баран
           хаалбыттар. Тэҥнэһиэм баара дуо, Ньукулай Дьө-
           гүөрэбискэ тиийдим. «Хайа, этэрээккэ хамандыыры-
           нан аиыыр инибин?» — дии тоһуйда. «Суох. Ойоҕум
           ыарытыгана бэрт. Сатаан бардахха, иккиэйэҕин эрэ
           кыстаан олоробут.— Киһим сирэйэ тыйыһыра, дьэби-
           дийэ түспүтүн көрөн, этим тардан, ситэ саҥарбакка
           тохтоон хааллым уонна саҥата суох олоруохтааҕар:—
           Ньукулай Дьөгүөрэбис, бөлүүн аппын илдьэ баран
           хаалбыттар»,— диэтим. Онуохаҕа киһим хараҕа уот-
           тана, хаана-сиинэ алдьана түстэ: «Биһиги эн баай-
           дык-тоттук олороруҥ туһугар хааммытын тоҕо сыл-
           дьабыт. «Ойоҕум» диэбит буола-буола. Биһиги кэргэ-
           нэ суох үһүбүт дуо? Оннооҕор мин икки кыыспын,
           ойохпун бассабыыктар хаайыыларыгар илдьэ оло-
           роллор. «Аппын» диэн үҥсүбүттээх баҕастаах Баста-
           кытынан, ат эйиэнэ буолбатах. Иккиһинэн, ыксал
           наада кэллэ — ыллыбыт. Быраат Петров сөпкө сэ-
           рэппит эбит. Эн бөлүүн биһиги хааммытын тоҕо
           сылдьар хомсомуол Уйбаан Таппаахап аҕатыгар
           хоммут үһүгүн. Ол иһин, хомуньуустар хос моон-
           ньохторо буолаҥҥын, биһиэхэҕэ өйгүн-санааҕын
           холбообот эбиккин». «Суох, мин Таппаахап туох
           оҕолооҕун-уруулааҕын билбэппин. Барбах, бу дойду-
           га билэр ыалым суох эрэ буолан, ити Таппаахапка
           хоммутум»,— диэн көрдүм. «Ити киһи уола дьаарай
           бассабыык. Аны уонуттан эрэ тахсан эрэр этэр
           кэҕэ кыыстаах. Кэтириинэ диэн. Ол баҕайы биһигини,
           бырааттары, үөҕүү бөҕөнү үөхпүт. Онон ити ыал ай-
           махтаан туран дьиҥнээх хомуньуус диэки өйдөөх-са-
           наалаах дьон. Биһиги кинилэрд суох гынан кэбпһиэх-
           питин Иван Иванович сүрэҕэ ууллан, кини бүөлүү
                                                               89
   86   87   88   89   90   91   92   93   94   95   96