Page 74 - Иван Мигалкин Үөрүүбүн тэҥинэн үллэстэбин. Делю радость со всеми. хоьооннор
P. 74
Охсулла илик окко, бурдукка,
Сиэркилэ урсуннаах Мүрүгэ,
Д>/л///Л//// т.щин.ш ц / {.кчпмиш Хомус хатан оонньуутугар,
Ыһыах түһүлгэтигэр,
Оһуокай үнкүүтүгэр,
Толору кымыстаах чороонно...
Сардаана өнүнэн тэтэриэхтэрэ
эн иэдэстэриҥ
Үрүн түүҥнэ, ол мин буолуом.
Хоһуҥ иһин
дьэдьэн минньигэс дыргылынан
Сотуо, ол мин буолуом.
Сиэркилэурсунунан
?
эйигин Мүрү күөл
Сөтүөлүү киирдэргин
Кууһуо, ол мин буолуом.
Сүрэх оһуорун
ыһыах түһүлгэтэ
Көрдөрүө, ол мин буолуом.
* Сүрэх иэйиитин
оһуокай үҥкүүтэ
Ойуулуо, ол мин буолуом.
Хомус хатан оонньуута сүрэх ырыатын
Толоруо, ол мин буолуом.
Кымыстаах чороону көтөҕүөҥ
Үс саха аатыгар, ол мин буолуом,
Тапталыам,
Ханна да сырыттаргын мин ааппын истиэн,
Миигин булуоҥ, миигин көрүөн...
Таптал нарын күүһэ —
Күн сардаҥаларыныы үйэлээх.
1977с., Москва
71

