Page 40 - Саха дьахталларыттан бастакы журналистка Мария Гаврильевна Бурцева
P. 40
Ол курдук биһиги эдьиийбит Маайа эмиэ Москваҕа үөрэнэ сыл-
дьан, кэлин республикаҕа биллибит үөрэхтээх журналистартан биир-
дэстэригэр Ковлеков Семен Петровичка кэргэн тахсан түөрт оҕону
төрөтөн, үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьан, эдэр сааһыгар олохтон бар-
быта.
Мария Николаевна Бурцева,
муосчут Терентий Васильевич Аммосов огдообото.
Дьокуускай, 1995 с.
БИЛИИГЭ-КӨРҮҮГЭ КӨ1ДҮЛҮҮРЭ
Соҕуруу Нэлим үрэххэ Сулукустар аймахтарга хас да ыал хас да
үрэх хонноҕун аайы олохсуйбуттара. Биһиги Дьаллых диэн балайда
киэҥ ходуһалаах толоонугар олорбуппут, арҕаа өттүгэр улахан
күөллээҕэ, кус-анды тохтоон ааһара, үчүгэй соболооҕо. Хоту өттүнэн
үрдүк булгунньахтааҕа, киниэхэ от-мас эгэлгэтэ үүнэрэ, онно тах-
сыахпытын баҕарарбытын, дьоммут олох боболлоро. Ол иһин били-
гин сэттэ уоммутутган тахсан да баран, көрбөккө олордоҕум.
Ньукуолуҥҥа диэри оттуур ходуһаны, кыстыгы харбаан, ыраас-
таан өттөөн кэбиһэллэр, биһиги, кыра оҕолор, онно мэһэмээҥҥэ
сааҕы кутан таһарбыт.
Ол кэнниттэн сайылыгы хомуйан, көһөргө бэлэмнэнии. Уонча
ыал ньиргиччи көһөн киирэр, саҥа-иҥэ, үөрүү-көтүү хойдор, ки-
һилиин-сүөһүлүүн сэргэхсийэллэр. Кнэһэ алаадьы тото сиэһинэ,
саламаат-малааһын бөҕө. Сотору эдьиийбит Маайа куораттан тахса-
ра, кинини “комсомол Маайа”, “хамыһаар Маайа” диэн сибигинэһэн
ааттыыллара. Ол кэмҥэ ыал, киһи барыта хайдах эрэ сэргэхсийэрэ,
хомуна-ыраастана сатыыллара. Киэһэ биир да ыал дьиэҕэ аһаабат,
күөх хонууга остуол сирэйин, сиэмэ хатарар лииһи тэлгэтэн, ол
үрдүгэр аһыырбыт. Куорат олоҕун-дьаһаҕын, сонунун, туох ула-
рыйыы буоларын сэргэҕэлииллэрэ.
Күнүс биһигини обургу оҕолору мунньан кинигэ ааҕара, кэпсиирэ.
Туой буорга буукуба суруйан үөрэтэрэ. Билиигэ көҕүлүүрэ, кинигэ
ойуутун, суругун көрдөрөн ымсыырдара. Кэлин улахан дьону үөрэ-
тиигэ сылдьан, ол оҕолор көн үл ааҕар, наадаларын суруйар буолтара.
Сорохторо салайар үлэһитда буолтара. Холобур: Бурцев Данил Гав-
рильевич — оройуоҥҥа бастакынан Үлэ Геройа буолбута. Латын-
скай алфавитынан суруллубут хоһооннору ааҕаллара, ыллыыллара.
Ол П.А. Ойуунускай айымньылара буолуохтаахтар. Маайа куорат
тан “Кыһыл ыллык” диэн сурунааллары ыытар, таһаарар этэ.
Балтылара Анна, Агафия Бурцевалар,
2000 с.
38

