Page 137 - Былыр этэ диэххэ
P. 137
намыһах хараас туттар. Дьон сүбэтинэн, түннүгү көҥү көппөт
гына муостаҕа обургу сыҥаһа оҥорор. Суура аллааҕымсыйан
сиргэ барбытын кэннэ олбуор аанын саба сылдьан, оҕонньоро
аан сабыылааҕын көрбөккө сиэрдийэҕэ оҕустаран өлө сыспыт.
Өссө бастаан дуруусба эрбии дэлэйэн, кини эмиэ булуммут. Са-
быс-саҥа эрбиини олордон, хара өчөһүгэр уһун күн устата киэһэ
оттор маһын арыычча эрбэммит. Киэһэ ыала Ноонук сиртэн кэл-
битин көрө олорон дуруусбатын көрдөрбүт. Эрбиитин таҥнары
олордон, сабыс-саҥа эрбиини туһата суох оҥорбут. Куола аһынан
эргэ, сытыыламмыт биир эрбиини олордон биэрбитинэн, биир
тыраахтар сыарҕата маһын эрбэтэн бүтэрэн хайҕаабыта үһү. Кы-
рыйдым диэбэккэ, сайыҥҥы итиини тулуйбат дьахтарыгар оттуур
сиригэр, быстахха күстэхтиир, балыктыыр сиригэр, саннынан
таһан балаҕан оҕото туттар идэлэммитэ. Онон аатын ааттатар хас
да сиргэ тутуулаах. Сир-дойду куура хатан туһата суох турдаллар
да Нойукуоп диэлэрэ диэн ааттаталлар. Оттон эдэригэр эмиэ эр
дьону үтүктэн дьахтардыы сылдьыбыттаах үһү.
Доҕоругум оҕото,
Суруксутум суумаһыта
Суолу-айаны тобулар
Сулугурдуур Дьөгүөссэ —
Татаарынап табаһыта
Дьаам суолун дьарҕардар
Чараҥайдыыр кэчэкэйэ
Томтоһуйа Дьөгүөссэ
Тустай хоту сайылыыр,
Ньуоҕу быанан тутуллар
Туойдар хатыҥ сыарҕалаах
Туолан буурдуур табаҕын
Тумулларым аһылыга
Туоххаһыйан турар
Тоҕо үүрэн илдьэҥҥин
Тото-хана аһатаар.
Хордоҕоһум аһылыга
Хомурахтыын турар
Хоройбуна табаҕын
Хоннороохтоон ааһаар.
135

