Page 223 - Былыр этэ диэххэ
P. 223

дьон бары уһуутаһа түспүттэр. Холуочук киһи тутан турар ан-
         ньыытын сулбу тардан ылбыта, оҕонньор оһоҕоһо тоҥ анньыыга
         сыстан оронон тахсыбытын, өлөн эрэр илиитинэн харбыалаһан
         иһигэр төттөрү хааламмыт. Өлө куттаммыт киһи итиригэ көтө
         охсон анньыытын таһырдьа ылан бырахпыта, итии тимир курдук
         хаарга сырылаабыта сарсыныгар суола кытта баара үһү. Ойуун-
         нара олоро түһэн: «Һуу, тууйуллубут күүс өһүлүннэ, хараҕым
         дьэ сырдаата», — диэбитинэн оргуйбутунан чаанньык тумсуттан
         уулаабыта диэн кэпсииллэрин истибитим. Онно көрдөхтөрүнэ,
         оҕонньордорун мамыһыай ырбаахыта түөһүн туһунан алдьаммы-
         тынан хара баас курдук мэҥ көстөрө үһү. Ойууттар хастыы да
         ойбонноох буолаллар эбит.
            Мин, көр, оннук сүрдээх ойууну кытта оонньоһон эрэрбин
         өйдүөбэккэ, чэпчээбиччэ: «Туох да ис хоһооно суох кутураҕын
         дии. Ханнык эмэ ис хоһоонноохтук, ити Начаала эҥин курдук
         ону-маны хоһуйуоҥ этэ», — диэн тосту-туора ама киһини сыбаа-
         тым. Мин ону-маны уустаан-ураннаан сатаан хоһуйан туойбап-
         пын диэн батынаары гынна. Былаан хааларыгар тиийдэ. «Дабаай,
         иккиэн да ааттаах ойууттар буоллахпыт, эн эбээн ойууна, мин саха
         ойууна, ити биир тайаҕы балааккабыт таһыгар аҕалан баайар гына
         ойуумсуйуохха эрэ», — диэн хаайдым. Бээ, доҕор, ойуун бэйэтин
         булдун бэйэтэ сиэбэт. Кимиэхэ баайан биэрээри ойуумсуйабыт
         диэн туруоруста. Мин, көрүдьүөһүм табыллан эрэр киһи: «Чэ,
         кимиэхэ да буоллун, ааттаах ойууннар тайаҕы баайбыттара диэн
         кэнэҕэс бу уолуҥ да кэпсээн оҥосторо туох куһаҕаннааҕый», —
         диэтим. Оҕонньорум саҥата суох сыппахтыы түһээт, тулуйбата,
         салгыы тардан кэбистэ. Дүҥүрэ, таҥаһа суох, ороҥҥо сытан эрэ
         ойуумсуйары истибэтэх, көрбөтөх киһи оонньуу, көрүдьүөс кур-
         дук санаатым. Олоҥхо дьоруойдарын ырыаларын ийэм үөрэппит
         матыыбынан араастаан былаан, хат-хат эргитэн аҕала, «ойуун-
         нуу» бэлэһим баарынан эбээн ойуунун кыайаары түһүнэн кэбис-
         тим. Бу түбэлтэни этиэххэ: ойуун ойууну көрдөҕүнэ, күөһүркүүр
         диэн... Туһунан, оһоҕу ойоҕолуу, биһигиттэн туора сытар Куока
         Миисэ утуйбута эрэ суох, уһугунна быһыылаах, эргичиҥниирэ
         элбээтэ. Ол да гыннар буойсуһар биир тылы быктарбат. Биһи-
         ги, икки ойуун, атахтаһа сытар дьон, олоро түһэ-түһэ балай
         эмэ өр ньамахтанныбыт. Сорук-Боллур, Кыыс Кыскыйдаан, Уот
         Уһутаакы, Үрүҥ Уолан куомуннаһан эбээн ойуунун кыайаары
                                                                      45
   218   219   220   221   222   223   224   225   226   227   228