Page 225 - Былыр этэ диэххэ
P. 225
Кыһыҥҥы салгын биһигиттэн кытыл диэки охсоро. Онон
сыты биэрбэт гына хоту диэкинэн түһэр төбүлэҕинэн анараа өт-
түнэн эргийэ бардахха, үс биэрэстэ курдугу бараат кытыл тумсу-
гар быһа түһээр. Онно суолун биэрбэтэҕинэ төттөрү кытыл устун
кэлээр диэн сүбэлээтэ. Оччотугар булдуҥ кытылга тохтообутун
утары көрсүөҥ. Өссө төгүл оһох үрдүгэр турар чаанньыктан ку-
руускалаах чэй ыймахтаат, икки аҥы араҕыстыбыт. Мин «Тайга»
диэн сабыс-саҥа хайыһардаахпын. Булчуттар үөрэтиилэринэн,
сууххайдык кэтэр-уһулар гына, тайах тириититтэн тэлэн оҥоһуу-
лаах быалаах. Сүбэ быһыытынан, үс биэрэстэ курдук бараат
үрэх хордоҕос тыатын быһа түстүм. Киириигэ дьаар үрдүнээҕи
талах сылбах курдук охтубута эрэйинэн ыытта. Аны дьаарым ту-
руорута, ханан да тумнар кыах суох. Хайыһарбын устан түһэн
иһэн көрдөхпүнэ, үрэх лаайдатын туора туох эрэ суола анараа
биэрэк диэки дыргыйда. Хайыһарбын иилинэ охсоот суол-
га тиийбитим, хата бөрө кыылаттары эккирэтэн боруобаланан
көрбүт суола эбит. Ол кэннэ туох да суола биллибэтэ. Төттөрү
кытылбар хайыстым. Кытыл бэтэрээ кырыытыгар туох эрэ ха-
раарар. Үрэх ортотун тутан иһэбин. Чахчы — тайах... Ханан да
киирэн чугаһыыр сир суох. Сэрэнэ соҕус саабын бэлэм тутан ута-
ры киирдим. Уун-утары көрө сытар тайаҕым туран кэллэ. Ытан
эрэ хаалыахха диир санааттан ырааҕырҕатан өрө көрөн ыппытым,
буулдьам сол курдук тиийдэ. Талах хаара самныбытынан быһаар-
дым. Тайаҕым турбахтыы түһээт, талах иһигэр түстэ. Кытылга
чугаһаан иһэн талах үрдүн одуулуубун. Тайах тыына ол курдук
буруолуур. Балааккабыт диэки баһан барардыы, талаҕы тоҕо бар-
чалаан иһирдьэ киирдим. Уҥуор тахсан талах икки сис тыа икки
ардынааҕы алыыга тэйэ түһэн, кэннибин хайыһан талаҕым үрдүн
одуулас. Тайаҕым тыына нөҥүө тахсар. Эмиэ тоҕо барчалаан үрэх
диэки киирдим. Нөҥүө түһэн тэйиэстэн көрдөхпүнэ, син биир
талах үрдүнэн тыына бу тахсар. Тыаспын истэн куота эрэ түһэр
диэн өй киирэн, тыас биэрбэт гына хайыһарбын устан аргыый
сатыы кыйдастым. Тоҥуу хаары оймуурбар аҕылыырым сүрдээх
буолуо ээ. Тайаҕым син биир талах иһиттэн тахсар былаана суох.
Кыһыҥҥы халлаан боруоруохча, сэниэм да эстэн балааккабар
төннөргө тиийдим. Кытылга хата куобах суола толору эбит. Та-
йахтаан аһыам суох. Хата сарсын туһаҕы дэлби баайыллыа диэн
санаа чэпчэтинэ балааккабар кэллим. Дьонум кэлбиттэр. Мин
47

