Page 257 - Былыр этэ диэххэ
P. 257
Сарсыныгар саҥа эмиэ алта уол барыахтаахтар. Бу сырыыга
бары, начаалынньыкпыт кытта СКС карабиннаах бардылар. Мээ-
нэ ытыахха эрэ диэн ытыалыыры хамандыыр өйдөөбүт. Онон дьэ
булка майгылыыр гына сылдьан кэлбиттэрэ да, син биир быһы-
лаана суох сылдьыбатахтар. Хаһан да хааны көрбөтөх дьон сөҕөн
кэпсииллэр. Кинилэр хааны көрөн хотуолуу сылдьар буоллахта-
рына, олохтоох уолаттар бааһыран турар кыыл табаҕа сүүрэн кэ-
лэллэр да быһаҕынан сүнньүгэ анньан кэбиһэллэр диэн сөҕөллөр.
Быһаҕынан эрэ алыс түргэнник табаны сүлэллэриттэн саллыбыт-
тар, көрө куттаммыттар. Быһа кутталлаах дьоннор эбиттэр дииллэр.
Сылы быһа таба этин сиэбэт гына аҕынньыларын астарбыт этилэр.
Табаһыттарбыт бултарын этин туттаран, итэҕэстэрин сабынан
биһиэхэ махталлара сулууспабыт тухары мөлтөөбөтөҕө. Онон кыра
нэһилиэнньэлээх сиргэ үчүгэй хамандыырдаах байыаннай чаас баар
буолбуппут наймыта, Новорыбнай диэн балык собуотуттан балык
арааһын төһө көрдүүрбүтүнэн биэрэллэр. Эпписиэрдэрбит дойду-
ларыгар баһыылканы ыыталлара үгүс. Мин ийэбэр төһө силиини
сиирбин суруйабын. Ийэм оччолоох элбэх табалаах сиртэн саатар
биир этэрбэс таҥаһын ыыппат буоллаҕыҥ диэн хомуруйан суруйда.
Нууччалар тугу билбэтэхтэрэ-көрбөтөхтөрө, имиигэ туттуллар солох
оҥорбуттарынан имитэн уон икки таба тыһын ыыта сылдыбытым.
Кыһыныгар олохтоохтор суопкаттан кыыл таба түһэр ороҕор
былыр-былыргыттан быһыт оҥорон туһахтыыр эбиттэр. Быһыт-
тара эргэрэн, эмэҕирэн, самнан бүтэн эрэллэрин эрэмиэннииргэ
биһигиттэн массыына көҥүллэтэн муора балкыйбыт маһыттан
таһыыга бастайаанна сылдьыстым. Таарыйа хабдьылыыбыт. Бул-
тарын аҕалан биэрэбит. Биирдэ мин кинилэри үтүктэн үрдүк
баҕайы туруору таастан түһэр сирдэригэр синньигэс троһунан
туһах ииттим. Аныгы кэлэн көрүүбүтүгэр, таба холо эрэ ыйанан
турар. Сатаан иитиллибэтэх туһахха атаҕыттан эрэ иҥнэн баран
ыстаныытыгар холун көҥү тардан түспүт.
Суоппарбытын быһа Ян диэн ыҥырааччыбыт. Олуттаҕас бэ-
йэлээх араспаанньалааҕын эгэ билигин өйдүөм дуо, умнубуппун.
Эһэтэ кириэмил харабыл латыыһа үһү. Аҕата таксыыс, онон уола
эмиэ тиэхиникэҕэ сыһыамаҕыттан суоппарбыт бастыҥа. Эмтийбит
таба этин сиэбэппититтэн мин хабдьыга туһах иитэргэ үөрэнним.
Хабдьы дэлэй, онон сааранарга ааттаах. Биирдэ киһиргиэх санаам
киирэн, аптамааппын биирдиилээн ытарга туруоран баран биир
хабдьыны бурҕас гыннардым. Баран ылан кэл диэн Яммын соруй-
79

