Page 261 - Былыр этэ диэххэ
P. 261
көппөх мананнаах ыар дуо. Уута сүүрэ түһээтин, уот оттубуту-
нан бардыбыт. Сибиэһэй ыыһаммыт балыгы тута сииргэ оһуобай
үчүгэй эбит. Сөп буола-буола холомобутугар иһиттэн уу ыһан
уоттан сэрэхэдийэр. Таһыттан тулатын муоҕа хастанан ыраахха
диэри хараара сытар. Бу эмиэ сэрэххэ эбит. Аҕыйах балык туох
элбэх үлэтэ кэлиэй. Мин ойон тура-тура аттарбынан дьарык-
танабын, өттүктэрин уларытабын. Үргүлдьү сатыы күөлбүтүн
тула бэрэбиэркэлии хаамабын, булт суолун көрө ымсыырабын.
Киһим санаата кэлэн ырыаһыта суох бэйэтэ киҥинэйэн ыллыы
сылдьар. Биир сарсыарда утуйа сыттахпына айдааран уубун ай-
маата. «Дьэ, тайах диигин, тур, байтаһын тыһы бэйэтинэн кэлэн
эйигин күүтэн турар», — диэн төрүт сүгүннээбэтэ. Истэ сатаан
баран тахсан көрбүтүм, уҥуоргу уу кырыытыгар, кырдьык, биир
булт турар. Киһим тутан көрбүт киһи курдук байтаһын дии
рин итэҕэйбэтэрбин да, оччолооҕу хаамтым ини диэн, утуйар
таҥаспын суулуу тутаат таҥнан, оҥостубутунан бардым. Куол-
чам барардыы тэриммиппин көрөн илэмэй-саламай көтө сылдьан
сүбэлиир — тумуһаҕы тыынан туораан, ырааҕынан эрийэ түс.
Көрөҕүн, ол тайах туһунан ыраах сис мас көстөрүн. Бу биһиги
туспутунааҕы тиити көр. Оруобуна туһунан эрэ таҕыстаргын, кы-
рыыттан уонча хаамыы быһыылаах. Онон иһин буорту гыммат
гына төбөҕө ытаар... Эрэмньи сүбэттэн эрдийэн, кэтэмэҕэйдэм-
мэккэ аттанным. Тыал оруобуна ойоҕолуу үрэрэ. Тайахха сыты
биэрбэт гына киирэргэ табыгастаах түгэн тосхойбут. Ырааҕынан
эргийэ көтөн, уҥуоргу эйгэнэн тосхоллонон, манан диэн оргууй
күөл кырыытынааҕы ыарҕа талаҕы өҥөс гыммытым — тайаҕым
бу турар. Сарсыардааҥҥы сэниэ тыал тайахпар сыты да, тыаһы
да биллэрбэт гына уутун отун чыллырҕата бигиирэ, бырдаҕы мас
ка сөрүүрэ. Тугу да билбэккэ турар тайаҕы төбөҕө кыҥаан баран
саай! Тутан туран бүтүн тайаҕы сыыһа ытан кэбистим. Тайаҕым
соһуйан эмискэ туора ыстаныытыгар, өрүсүһэн иккис уоспунан
төбөҕө ытаары — эмиэ сыыһа тутуннум. Тайаҕым биир ыстаныы-
га күөл дириҥэр түбэһэн тимирэн хаалла. Чачайан тыбыырбах-
таан ылаат, устан ньолбойон истэҕинэ ииттэ охсон ытан үрдүнэн
түһэрдим. Хайа баҕайыный диэн наҕылыччы кыҥаан-кыҥаан
сиһин ороҕунан кэтэххэ ыт. Булдум дьэ биирдэ барда. Ыраахтан
ытарга диэн анаан оҥостубут кэрчиэһим олус өрө тэбэр эбит.
Доруоп саанан бачча чугастан бултаһыам диэн толкуй суоҕа. Бу
тухары киһим төбөҕө эрэ диэбитинэн сэриилэһэн, хата бултаа-
83

