Page 314 - Былыр этэ диэххэ
P. 314
Кырдаҕаһым аһылыга
Кыраһалыын турар
Кыра кыыча табаҕын
Кыыбахтатан бараахтаар.
Суорҕаннардаах тэллэхпин
Суулуу эрэ астарбын
Суһалынан олоробун,
Соһон тиэйэн бараахтаа.
Сити курдук эппиппэр,
«Тохтоо, болҕой», — диэтэ.
Туһааннардаах болдьохпун
Тобулаахтаан биэриим...
Чуораайылыыр кустарым
Чугдаарахтаан ааһар
Чуумпу далайын уулара
Тоҕус тутум торумнаах
Чопчулаһа тоҥуута
Дьоруолатан кэлэрбэр,
Тобуктарын үрдүгэр
Суулааһыннаах оҕону
Туора кууһан көрсөөр, — диэн
Туомнаан этэн барбыта,
Суоҕу туора кууспутум
Тугун баҕас кыһыытай, —
диэн биир дьахтар аллааҕа Дьөгүөссэни хоһуйбутун аны өйдүүр
киһи баара биллибэт. Ол саҕана, кырдьык да, уол оҕо аллааҕа
сорсуйаахтаатаҕа.
Билигин Чуона дьиэтигэр дьон хоммот. Буран дэлэйэн Ха-
йыһардаах Байанай остуолугар аныгы дьон олорсубуттарын истэр
суох. Онон Баһылайым Хайыһардаах Байанайын куруук истиҥ-
ник ахтарын суруйтарбытын көрдүк санаан ааҕаргытыгар Абы-
йым дьонугар бэлэх уунабын.
136

