Page 171 - 2-с Легей нэьилиэгэ
P. 171

УУС АЛДАН УЛУУИА


           Анна Ивановна фермаларыгар сайынын, кыйынын, сааскы ыйыы улэтин ыксал-
         лаах кэмнэригэр, от, бурдук хомуурдарын былдьайыктаах кэмнэригэр улэлиир
         холкуостаахтарын кереругэр-истэригэр, дьайайарыгар хайан да аттаммата, колону
         мииммэт этэ. Тууннэри-куннэри сатыы Тулунанан, Аччыгый Эбэнэн, Улахан алаа-
         йынан улэлээн, салайан сылдьара.
            Фермада ыарахан улэдэ сылдьар холкуостаахтар, кыстаан турар суейулэр, сайыьгггы
         кэмнэ хонуу араас улэтигэр сылдьар холкуостаахтар олохторо-дьайахтара, кинилэр
         туох астаахтара-уеллээхтэрэ председатель харадын далыттан, ойуттэн-санаатыттан
         хайан даданы тахсыбаттара. Бу туйунан оччотоодуга 14—15-тээх уол Гаврил Колесов
         бу курдук кэпсээн турардаах: «Анна Ивановна хас биирдии холкуостаах ыал туох
         астаадын, той еде бутуедун билэ сылдьан бириэмэтигэр корон холкуоска баар кыра
         сиэмэ атадыттан, бултаммыт балыктан абаансалаан биэрэрэ. Онон кыра да буоллар
         айылыктарын быспат этэ. Ол холкуостаахтарга улахан эрэли уоскэтэрэ».
           Анна Ивановна кыстык бириэмэтигэр молтох туруктаах ынах суейуну уонна сыл-
         гылары ветеринардарынан быраахтатан эрдэ олетторен дьонугар тунэтэн сиэтэрэ.
         Аччыктаабыт ыаллар бэйэлэрин сылгыларын сиэтэхтэринэ унсубэт-хассыбат, хаа-
         йыыга ыыттарбат этэ. Бурдук хомуурун садана баайынада охтубут сиэмэ куолайын
         холкуостаахтар, одолор ичигэстииллэрин бопсубат буолара, кырыымчык астарыгар
         эбилик оностон абыраналлара. Нэйилиэктэр олохтоох дьайалталара уонна боломуо-
         чунайдар диэн араас ейдебуллээх, билиилэринэн-керуулэринэн араас тайымнаах
         дьон кэлэллэрэ, кинилэр баайыналарга сиэмэ куолайын хомуйууну булгуччулаах-
         тык боболлоро уонна олохтоох салалталар халбаггнаабакка толороллорун ирдиил-
         лэрэ. Онон сиэмэ куолайын ичигэстээннэр тутуллан хаайыыга барбыттар, ол онтон
         угустэрэ эргиллибэтэхтэрэ. Калинин аатынан холкуос оройуон киинин кытта тэллэх
         баттайа олороро, оччотоодуга угус хонтуруолу, бэрэбиэркэни ааспыта буолан баран,
         холкуос салалтата уонна кини председателэ Анна Ивановна дьулуурунан-саталынан
         сиэмэ куолайын ичигэстээбиттэрин ийин, биир да кийи хаайыыга барбатада,
         сууттамматада.
            Кураан, сут буолан от суодуттан холкуостаахтар суейулэрэ угустэрэ эстибитэ. Ол
         эрээри бэрт эрэйинэн дулда сиэлин, кута отун кэдирги, ыраах сытар тыымпыны
         уонна уруйэ сирдэри улэлэрин быыйыгар оттоон, холкуос биригээдэлэрэ баайан,
         охсон барбыттарын кэнниттэн хомуйу баайалларын, оруулларын бопсубат этэ, коме
         оггоро сатыыра. Маннык дьайал холкуостаахтар биирдии эмэ ыанар ынады ииттэн
         астарыгар эбилик оггостуналларыгар, улахан кеменен буолбута.
           Анна Ивановна Ада дойду сэриитин инниттэн Саха АССР Верховнай Сове-
         тыгар депутатынан талыллан улэлээбитэ. Тыа оройуоннарыттан сылдьар депу-
         таттар Верховнай Совет сессиятыгар кэллэхтэринэ тыа сиригэр, нэйилиэктэргэ
         ас-уол суодуттан дьонтго-сэргэдэ ыарахан балайыанньа буолбутун кэпсииллэрэ,
         аччыктаайыны аччатарга уталытыллыбат дьайаллары ылары этэллэрэ. Ол гынан ба­
         ран оччотооду Обкому, Саха сирин правительствотын, тыа хайаайыстыбатын мини-
         стерствотын кэлии, саха омук олодун-дьайадын билбэт дьоннор: Степаненко, Мура­
         тов, Масленников, Анашин курдук былааны эрэ толоруохха диэн ейдеех-санаалаах
         дьон салайан олорбуттара. Кинилэр саха омук тыатын нэйилиэнньэтэ тубэспит ыа­
         рахан балайыанньатын кэмигэр кемену oiropop дьайалы ылбатахтара. Ол тумугэр
         угус кийи аччыктаайынын, хоргуйан елуутун тайаарбыттара. Саха норуотугар ула­
         хан буруйу он'орбуттара, саха омук национальнай иэдээнин тайаарбыттара, ахсаан
         еттунэн адыйаппыттара уонна ойун-санаатын ойулбуттэрэ.
           Анна Ивановна байыаннай балайыанньа сорох сокуоннарын сатаан тумнан, са-
         таллаахтык салайан бар дьонун аччыктаппатада, хоргуйан елуу ынырыктаах суолут-
         тан еруйуйбутэ, дьонун-сэргэтин аратгаччылаабыта. Анна Ивановна бу тугунан да
         кэмнэниллибэт утуетун ийин бар дьоно мунура суох махтаналлар, кэнчээри ыччат-
         тарыгар кэпсээн он остоллор.
                                                                        Д.С.Андросов-СэЬэн

                                                     Asa дойду Улуу сэриитин сылларыгар  169
   166   167   168   169   170   171   172   173   174   175   176