Page 2 - Багыьах Миитэрэй
P. 2
өлөрөрө үһү. Ол гынан баран, аҕыйах соҕус бултан дьиэтигэр соччо
аҕалымтыата суох эбит. Сороҕор үс-түөрт куһу моонньуттан иич-
чэх** талаҕынан бобо тардан тутан киллэрэн ийэтин иннигэр «сарт»
гыннара быраҕан баран: «Эмээхсиэн, итини буһаран сиэ. Мин антах
уонча чыыбырҕай*** өлбүтүн үөлэн сиэбитим», — диирэ үһү.
Миитэрэй биирдэ иккиэ буолан андылаабыттар. Биирдии ан-
дыны өлөрөн дьиэлэригэр аргыстаһан баран испиттэр. Миитэрэй
киһититтэн хаалан кустарын, андытын үргүү испит. Сотору киһитин
ситэн кэлбит. Аргыһа көрбүтэ, андыта суох. «Хайа, Миитэрэй, ан-
дыгын хайаатыҥ?». — диэн ыйыппыт. «Иий, эчи, ити дьүһүннээҕи
дьиэҕэ илдьэн да диэн. Туох күөһүгэр табылыннаран буһараары.
Эчи, амтана да көтүүһү, онон амтаннаах эрдэҕинэ сиэтим», — диэ-
бит Миитэрэй. Кини ол иһэн андытын сиикэйдии сиэн кээспит.
Биирдэ Миитэрэй хас да киһини кытта балык ыамын саҕана
Бэйдиҥэдэ хоно сылдьан балыктаабыттар. Онно Миитэрэй биир
түүн сорҕотун үөлэн, сорҕотун буһаран 70 илим соботун сиэбит.
Ону бииргэ сылдьыбыт дьоно аахпыттар, ол кэпсээн буолбут. Ону
кэнники дьон: «Миитэрэй, эйигин Бэйдиҥэҕэ биир түүн 70 илим
соботун сиэбитэ дииллэр ээ. Ол кырдьык дуо, хайдаҕый?»—диэн
ыйыттахтарына: «Иий, отгон ол, сэттэ уонча илим тэрэкэтин****
сиэм эбитэ дуу? Ол эмиэ кэпсэл буолуо дуо?» — диэн кээһэрэ үһү.
Миитэрэй биир киэһэ ийэтинээн икки андыны буһарбыттар.
«Күөскүн өрөөр», — диэн баран, ийэтэ ынаҕын ыы тахсыбыт. Мии
тэрэй андытын таһааран барытын сиэн кээспит. Кытыйа аҥаара
миин ордорбут уонна оронугар тиэрэ түһэн сыппыт. Ийэтэ эмээхсин
киирэн көрбүтэ күөһэ кураанах олорор. Остуол диэки көрбүтэ туох
да суох. «Хайа, нохоо, андыгын ханна гынныҥ?» — диэн ыйыппыт.
«Иий, оттон, ханна гыныахпыный. Амтаныгар тардыстан сиэн кэ-
бистим. Анды миинэ барахсан миин аххан буоллаҕа. Ити кытыйаҕа
миин баар, ону иһэн кэбис», — диэбит Миитэрэй.
Кини биирдэ бырааттарын кытта от охсо сылдьыбыттар. Мии
тэрэй от охсорунан бырааттарыгар тиийбэт, мөлтөх үһү. Куйаас күн
буолбут. «Тахсан чаанньыккын оргут», — диэбиттэр бырааттара.
Миитэрэй чаанньыгар уу баһан тахсан, иччитэх балаҕаҥҥа кии
рэн, оһох холумтаныгар чаанньыгын олордон кээспит уонна бэ-
йэтэ холумтаҥҥа олоро түһээт, олонхолоон киирэн барбыт. Уолат-
тар утаппыттар. Киһибит чаанньыга оргуйбута буолуо диэн аһыы
тахсыбыттар. Киирбиттэрэ киһилэрэ уотун оттубакка олоҥхолоон
доллоһута олорор үһү. «Бу хара сордоох уотун оттубакка олоҥхолоон
сордоно олорор эбит буолбат дуо. Туох ааттаах, иирээри гынныҥ
дуу, хайдаҕый? Тоҕо чаанньыккын оргуппатыҥ?» — диэн уолаттар
кыыһыран убайдарын мөхпүттэр. Онуоха Миитэрэй: «Ээ, нохо-
лоор, бу үлүгэрдээх куйааска от охсон муҥнанар курдук буолаах-
тыа дуо. Сөрүүн балаҕан иһигэр олорон олоҥхолуу, ыллыы олорор
үчүгэйкээнэ бэрт ээ. Онтон кыратык сынньана да түһүҥ ээ», —
диэбит убайдара.
Биирдэ Миитэрэй кэргэнинээн от кэбиһэ сылдьыбыттар. Ку-
6

