Page 3 - Багыьах Миитэрэй
P. 3

йаас үчүгэй күн буолбут. Күн ортотуттан ыла халлааҥҥа адаар бы-
        лыт тахсыбыт. Этиҥнээх ардах субу ыган турбут. Кэргэнэ угаайы-
        лаах отун Миитэрэйгэ аҕалан биэрбит уонна кэбиһиилээх от нөҥүө
        өттүн диэки барбыт. Миитэрэй угаайылаах отун таҥнаран баран,
        оҕуһун халбарытан тиэтэлинэн отун кэбиһэн эрдэҕинэ: «Миитэрэй,
        кэл эрэ», — диэн дьахтар саҥата ыҥырбыт. «Ээй, бэйи, ол тоҕо?»
       диэбит Миитэрэй. «Чэ, чэ, кэл. Кэмим кэллэ быһыылаах», — диэбит
       дьахтар. «Иий, бу үлүгэр ыксалга эмиэ туохпут баҕайытай», — диэн
        Миитэрэй атырдьаҕын быраҕан кэбиһиилээх отун эргийэн кэргэни-
        гэр тиийбитэ, кэргэнэ оҕолоноору бүтэй сиэрдийэтиттэн тардыһан
        олорор эбит. «Аата, кыһалҕатын баҕаһын, оттон бачча тухары кы-
        бытан илдьэ сылдьыбыт баҕайыгын кыратык тохтото да түһүөх баар
        эбит», — диэн Миитэрэй кэргэнин сэмэлээбит. Ону кэмэ кэлбит
        дьахтар истиэ дуо? Адьас этиҥнээх ардах ортотугар оҕолонон кээс-
        пит. Миитэрэй ыксаабыт. Оҕуһун сыарҕатыгар от ууран, кыһыл
        оҕолоох дьахтары тиэйэн, оҕуһун миинэн дьиэтин диэки тиэтэли­
        нэн лаһыгырата турбут.
            Биирдэ Миитэрэй Бэйдиҥэттэн Бэрт Ууһун диэки сатыы ба­
        ран истэҕинэ кэнниттэн кэрэ бэйэлээх үүт кэрэ аты хара кырааска-
        лаах хасыапка сыарҕаҕа көлүйбүт баай Дьэким Бөтүрүөбүс Ору-
        луохап ситэн кэлбит. Миитэрэй туораан биэрбит. «Миитэрэй иһэр
        эбиккин дуу? Кэлэн олор», — диэбит Дьэким. Миитэрэй сыарҕаҕа
        олорбут. «Дьэ эрэ, Миитэрэй, биир суол ырыата ыллаа эрэ», — диэн
        соруйбут тойоно. Ону истээт, Миитэрэй ыллаан тоҕо суккуйбуту-
        нан барбыт. «Аар хара тыабар аҥардастыы баһылаан, адаарыйан
        үөскээбит аҥаалык улар курдук аҕа баһылыкпын кытта аартыктаах
        дуҕалаах, айгырастаах симэхтээх, аллаах айаннаах, аас маҥан атын
        сыарҕатыгар адалыччы олорон иһэммин, алтан чуораан айахпын
        аһаммын, айан суолун устатын тохору айдааран ыллаатаҕым буол-
        лун», — диэн Миитэрэй ырыатын саҕалаабыт. Ол аата Миитэрэй
        баай Дьэкими улар курдук аҥала киһигин диэн үгэргээн, хомуру-
        йан ыллаабытын баай Дьэким Бөтүрүөбүс билбэккэ уһун суолу быһа
        сэҥээрэн истибитэ үһү. Ити итинэн ааспыт.
            Миитэрэй Мэхээлэ Бөһүнньүкүөп диэн баай ыалга кыһын
        хоно кэлбит. Былыргы ыал киэһэ хаан уонна хааһы сиэбиттэр.
        Миитэрэй онтон асаһан баран уҥа ороҥҥо сонун саптан быстах
        тиэрэ түһэн сыппыт. «Хайа, Миитэрэй, кыратык иһитиннэрэ түс
        эрэ», — диэн дьиэлээхтэр көрдөспүттэр. Онуоха Миитэрэй тыыл-
        лаҥнаабыт, дьааһыйбыт: «Ээ, дьэ, хаан да хааһы ■ буолаахтаан,
        хата, хаһааҥҥытааҕар да аччык хонор киһи буоллум. Дьэ, уонна
        олоҥхо да олоҥхо диэхтиигит да олоҥхобут даҕаны уурайар буолла
        ээ, быһыыта. Хайа баар сэниэбинэн», — диэбит Миитэрэй. Онуо­
        ха ыала эт буһаран үчүгэйдик аһаппыттар. Аһаан баран Миитэрэй
        олоҥхотун саҕалаабыта үһү.
            Кини сороҕор уулана олонхолоотоҕуна бухатыырдар ырыаларын
        араастаан ыллыыр эбит. Сороҕор төбөтүн төҥкөччү туттан олорон
        улуйан эрэр курдук уһуннук эҥээритэн баран, төбөтүн улам-улам
                                                                         7
   1   2   3   4