Page 4 - Багыьах Миитэрэй
P. 4
өрө өндөтөн, ол аайы куолаһын эбии сонотон ыллаан дьалаһытан
эҥсэн таһаарар үһү. Сороҕор төҥкөччү туттан олорон дириҥник
дьөлө суойан ыллыыра үһү.
Миитэрэй бэйэтин дьиэтигэр киэһэ аайы көмүлүөк оһох инни-
гэр киирэн аргынньахтаан олорон иһиллэр иһиллибэт гына көхсүн
иһигэр кыратык киҥинэйэн ыллыыр үгэстээх эбит. Ол олорон
эмискэ-эмискэ иһит-хомуос доргуйар, үөрүйэҕэ суох киһи соһуйар
гына өрүтэ күөрэтэлээн ылара үһү.
Бу кэпсээни 1973 сыллаахха сурукка кэпсиэтим
Алексеев Роман Петрович,
ахтыыны олоҥхоһут сиэнэ Шелковникова Любовь Гаврильевна
дьиэтээҕи архыыбыттан ыллыбыт,
Дьокуускай

