Page 42 - Поэзия күнэ
P. 42
ЛЕОНИД попов
Сергей Афанасьевич Зверевкэ
Хоһум иһэ сырдыы тустэ,
Хоһум иһэ хоһоон буолла,
Хоһум иһэ тойук буолла,
Хочо-хонуу тыала туолла.
Алаас сирим ача күөҕэ,
Алтай ото, симэх ото
Анньан-үтэн үүнэн кэллэ,
Айгыр-силик буолан кэллэ.
Хатыҥ маһым хамсыы турар,
Хатан кымыс кыынньа турар.
Аллаах атым сиэлэн иһэр,
Ааттаах ыһыах буолан эрэр...
Тустуу бөҕө, кылыы бөҕө,
Тойук көрө, үҥкүү көҕө,
Күргүөм үлэ, күүстээх хаамыы,
Күөҕү мунньуу, сыыдам сырыы.
Ити эбит ыллыыр ырыаҥ,
Ити бары — Сахам сирэ.
Отут кустук өҥө буолан,
Оонньуу турдун дугуй тойук!..
■10

