Page 45 - Поэзия күнэ
P. 45
НИКОЛАЙ РЫ К У НОВ
Колонизатор түүлэ
Хайа эрэ үөдэҥҥэ:
Түлэй-бараан Лондоҥҥа,
Түүҥҥү сыдьаай Парижка,
Ол эбэтэр,
Уолл-Стрит хаспаҕар дуу,
Капиталист,
түһээн, бэл,
Суудайар барыыска:
Халаан-талаан муспут
Халыҥ үбүн сыымайдыыр,
Хайа албаһынан онтун
Хаҥатыаҕын толкуйдуур.
Түһээтэҕинэ, дьэ,
Дьэ, арай, туран,
Сүүнэ остуолу тула
Сүүкэниһэн олордулар.
Онуоха,
Ойоҕос халҕан
Аһыллаатын аҕайын —
Муссолины баҕайы,
Иирбэ-дьаарба Гиглер
Итиэннэ да
атыттар киирдилэр.
Дьон буолуохтара дуо —
Кубаҕай дьардьамалар
Ардьаах туулуу,
Күлэн ырдьаһаллар.
43

