Page 43 - Поэзия күнэ
P. 43
СЕМЕН РУФОВ
Комсомолъскай мунньахха
Ол мунньахха сылдьабын диэммин,
Отой дөйөн хаалбытым мин.
Араас итэҕэс-быһаҕас элбэх:
Аҕытаатар үлэлэзбэтэх.
Ким эрэ арыгылаабыт,
Ким эрэ үүтүн тутах ыабыт.
Кэргэнин бырахпытын иһин
Кэнэйдээтилэр биир эр бэрдин.
Кулууп сэбиэдиссэйэ хоттордо,
Кута кутуругар олордо:
Үҥкүүттэн уонна киинэттэн атын
Үлэтэ диэн суох үһү букатын*
Убайын үөһэ. биир уол байра,
Уоту кутта чаас аҥара.
Убайа ыҥыранан кэбиһэр
Уонна көхсүн этитэр.
Биитэ тулуйбата, бадаҕа:
«Бэйикэй, дьиэҕэр тиийиэҥ суоҕа!»
Атас, табаарыс диэн аахсыһыы
Адьас суох — харахха анньыһыы.
Биэс киһи биирдэ туран кэлэр,
Биир киһи биэстэ тыл этэр.
41

