Page 14 - Поэзия күнэ
P. 14
ТАЛЛ АН БҮРЭ
Аата суох
(Үгэ)
Арай күүстээх Орто Тарбах,
Чомполооччу Сөмүйэ,
Элбэрээк эһээччи Эрбэх,
Атаах Ылгын Чыҥыйа,
Биир киэһэ сыһык хоторон
Аһыы-сии олорбуттар;
Аата суоҕу, ол олорон,
Арай, матарбыттар.
Аата Суох айдааны тарпыт
Тоҕо мин матабын диэн,
Онно туран Илии эппит;
«Эн иһит эрэ өйдөөн,
Куорат тутар, сири тиэрэр
Күүстээх Ортону Тарбах,
Илиигэ эрчими биэрэр
Эрбийэ Тойон Эрбэх
Сөбүлүүрүн талан ыйар
Сүүмэрдьит Сөмүйэ,
Кири-хаҕы киэр хаһыйар
Гигиенист Чыҥыйа.
Арай, эйиэхэ нарын кыыс,
Ойох ылар уол эйиэхэ
Андавайа, кыһыл көмүс
Б иҺилэйи иилиэҕэ...
Ким үлэҕэ туох умньаастаах,
Ол туох эмэ диэн ааттаах,
12

