Page 13 - Поэзия күнэ
P. 13

Этэҥҥэтик  эргиллэн,
                     Элиэнэбэр  кэлбиппэр:
                     «Эбэбитин  биһиги
                     Эмиэ  бииргэ  туоруох»,—  диэн,
                     Эрэһзлээх  долгуҥҥа
                     Эрдиилээн  испитэ.

                      Киэһэ,  суолбун  түмүктээн,
                      Кэргэттэрбин  булбуппар,
                     «Кэлэр  күҥҥэ  дылы!» —  диэн,
                       Кэрэ  Чучур  Мураантан
                      Кэтэҕэриин  түннүкпэр
                      Килбиэннэнэ  кыыспыта.
                      Үйэлэргэ  өрүүтүн
                      Үтүөтүнэн  үөдүйэр
                      Үрүҥ  Күнүм  — аргыһым
                      Үчүгэйэ  бэрдиттэн,
                      Үөрүүбүтгэн,  дьолбуттан
                      Үөһэ  тыынан  ылбытым.
   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18