Page 204 - Бэстэрикиэптэр. Олох салҕанар
P. 204

Бэстэрикиэптэр.  Олох  салҕанар

           бэлэм. Уонча киһи баһыгар биирдии куобаҕы өллөнөн баран,  иккилиини
           киэһэ дьиэҕэ илдьэ барар түбэлтэлэр эмиэ бааллара.
              8-10 кылаастарга үөрэнэ сылдьан күһүн субуота, өрөбүл аайы ыксал
           бөҕөнөн  дьиэҕэр  кэлэҕин,  уолаттары  кытта  эрдэттэн  улэхтээх  буолан
           мүччү-хаччы  аһаат,  тыаҕа  тахсарбыт.  Кэрийэн-тоһуйан  син  биир  илии
          тутуурдаах,  өттүк харалаах  кэлэрбит,  төрөппүттэрбитин  үөрдэрбит.  Ол
          үөрүйэхпит, айылҕаҕа,  сиргэ-уокка ытыктабыллаах сыһыаммыт эппити-
          гэр-хааммытыгар иҥэн сырыттаҕа. Сааһыран да баран, сааскы, күһүҥнгу
          кэмнэри  сүрдээҕин  кэтэһэбит.  Улаханнык  куһу-көтөрү сууһарбатарбыт,
          айылҕаҕа  сылдьан,  кутаа тула  олорон,  күө-дьаа  буоларбытын  күндүтүк
          саныыбыт.
              Кэлин өр сылларга өйдүү-саныы сылдьар гына өлгөмнүк бултаабып-
          пыт  1992 сыллаах күһүнүгэр Түүлээххэ этэ.
              Оччолорго  биһиги  Бороҕоҥҥо  олорорбут.  Оройуон  сэбиэтигэр  тэ-
          рийэр  отделга  сэбиэдиссэйдиибин.  Аймахтары  кытта  эрдэттэн  кэпсэ-
          тэн, үлэһэн Түүлээххэ таайбытыгар Гусимҥа куобахтыы барарга сүбэлэс-
          тибит. Оччоттон-баччаҕа диэри түҥкэтэх, кырыы нэһилиэк буолан, Түүлээх
          булдунан аатырар. Таайбыт Халыма үрэх Алдан өрүскэ туһэр төрдүн диэ-
          кинэн тэҥкэ  тыалаах үчүгэйкээн  кырдалга  кыракый  үүтээннээх.  Хатас-
          тан,  куораттан,  Бороҕонтон,  Суоттуттан,  Орто-Эбэттэн ох курдук оҥос-
          тон, тэринэн Түүлээхтээтибит.  Ол дойдуга сырыы-айан кыһалҕалааҕын,
          бултуурга-хаамарга сирэ-уота эрэйдээҕин,  сылдьыбыт эрэ киһи билэр,
          удумаҕалыыр.  Көбүс-көнө  хонуулаах,  хаамарга  иҥнигэһэ  суох тыалаах
          биһиги Орто-Эбэбитигэр тэҥэ суох дойду.  Ону ол диэбэккэ,  сир тоҥон
          эрэринэн туһанан, икки “Москвич” массыынанан, биир коляскалаах “Иж-
          Юпитер” мотоциклынан суола иҥнэритин, түһүүтүн-тахсыытын аахсыба-
          тахха,  улахан  эрэйэ  суох  Түүлээххэ  тиийдибит.  Бөһүөлэктэн  үүтээҥҥэ
          диэри биир көһү кыайар-кыайбат. Икки үрүйэни туоруохтаахпыт. Массыы-
          на хайдах да тиийбэт, онон сүрүн таһаҕаспытын мотоциклга тиэйэн, ор-
          дубутун  сүгэн  үүтээммитин  этэҥҥэ  буллубут. Дьэ,  бу үчүгэйкээн  сиргэ
          хонон-өрөөн сытан, кэлэ-бара айаны аахсан туран, биир нэдиэлэ бултаа-
          тыбыт.  Күн ахсын 7 - 8  буолан кэрийэбит.  Биир киһи өтөх харабылынан,
          ас  астааччынан  хаалар.  Таайбыт  биир-икки  күн  бултаста  быһыылааҕа.
          Сарсыарда аайы 9 км сиртэн уруогун биэрэ оскуолатыгар киирэр, киэһэ
           168
   199   200   201   202   203   204   205   206   207   208   209