Page 109 - Untitled
P. 109

быһаарсан,  туруорсан  син  этэҥҥэ  үлэлээн  кэлбиппит.  Этэргэ
        дылы, булан-талан,  ону-маны  оҥорор  этибит.  Оччолорго  мин
        бигэ өйдөбүлү тутуспутум: тугу эрэ оҥоруоххун баҕардаххына,
        бастаан  дьон  санаатын  билиэхтээххин, дьон  биһигиттэн  тугу
        эрэйэрий, күүтэрий, туох баҕа санаалааҕый диэн. Манна аҕын-
        нахха, ити  1998 сыл депутаттар бырабыыталыстыбаны отчуот-
        таттылар уонна «неуд» — «икки» сыананы биэрдилэр. Саҥа үлэ-
        лээн эрэр бырабыыталыстыба састаабыгар. Оччотугар дьоҥҥо
        барыахха  дэстибит  уонна  бырабыыталыстыба  отчуотунан
        улуустарынан бары нэһилиэктэри кэрийдибит. Мин Чурапчыга
        сырыыбытын  холобурдуум.  Нэһилиэнньэни  кытта  көрсүһүү-
        гэ  эттилэр:  «Екатерина  Сидоровна,  эн  Тааттаҕа  үлэлээбитиҥ,
        биһиги эйигин билэбит.  Онон эн ити  илдьэ сылдьар дьоҥҥор
        биһиги биэрэр ыйытыыларбытыгар барытыгар бэйэҥ эппиэт-
        тээ», — диэн. 40-тан тахса ыйытыыны биэрбиттэрэ. Барытыгар
        баарынан эппиэттээтэҕим дии. Тыл этиигэ биир саастаах киһи
        туран  баран  бу туох буолбут депутаттарый, саҥа үлэлээн  эрэр
        дьоҥҥо  куһаҕан  сыананы биэрбит буола-буолалар диэн депу­
        таттар  үрдүлэригэр  түстэ.  Ити  курдук  оччолорго  отчуоттаам-
        мыт, нэһилиэнньэттэн өйөбүлү ылбыппыт.
           — Оччолорго дьон эрэлэ улахан этэ.
           —  Оннук.  Ол  саҕана  барыта  саҥа  буолан,  биһиги  сахалар-
        быт  дэнэн,  Президеннэнэммит,  бэйэбит  культурабытын,  ли-
        тературабытын өрө тутаммыт, биһиги саха буоламмыт тылбы-
        тын-өспүтүн  илдьэ  сылдьабыт уонна  салгыы  сайдар  эбиппит
        диэн дьон-сэргэ күүстээх эрэллээх этэ. Онон үлэлииргэ чэпчэ-
        ки этэ. Ханна да тиий, дьонтон өйөбүлү ылар этибит.
           —  Василий  Михайлович  туһунан  ахтыахха.  Эһиги  бас­
        таан Үрдүкү Сэбиэккэ бииргэ үлэлээтэххит дии.
           —  Били  партия  эстибитин  кэннэ,  биһиги  партийнай
        үлэһиттэр  хас  да  ый  үлэтэ  суох  сылдьыбыппыт.  Онтон  мии-
        гин Үрдүкү Сэбиэккэ тэрийэр отделга ыҥыран үлэлэппиттэрэ.
        Бэрэссэдээтэлбит  Иванов  Климент  Егорович  этэ.  Кини  солбу-
        йааччытынан — Василий Михайлович Власов. Онтон ыла биир-
                                                                       85
   104   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114