Page 85 - Николай Кривошапкин. Алгыһынан арчыламмыт аартык
P. 85
73 АЛГЫҺЫНАН АРЧЫЛАММЫТ ААРТЫК
тиэтигэр хараҕым уутун кыатана туттумматаҕым. Он-
нук сүргэм көтоҕүллүбүтэ эбээт, бастыҥ үөрэнээччи-
бин көрон.
Билигин ол сахтарга учууталлыы сылдьан «сыанам»
кытаанах да буолар эбит дии саныыбын. Филя мэлдьи
«үчүгэй» үорэнээччи этэ, таабылыгар биэс сыаната
баһыйара. Дьиҥэр, «туйгун» да буолуон сөптөөҕө. Уон
оҕолоох улахан дьиэ кэргэҥҥэ хас биирдиилэригэр
ураты болҕомто тиийбэтэ буолуо диэн этии тордүттэн
сыыһатын Бэстирикиэптэр дьиэ кэргэн холобурдара би-
гэргэтэр. Киһи «Биир оҕотооҕор элбэх оҕону иитэр бы-
дан ордук диэх айылаах», — диэбитэ бэйэтин сааһыгар
бэрт сэргэх корүҥнээх Евдокия Николаевна.
* * *
Филипп Петрович: «Минньигэс дьэдьэннээх, үтүө-
кэн дьонноох Амма барахсан — мин эдэр сааһым уйа-
та, иккис торөөбүт дойдум. Манна мин үлэттэн дьол-
лонуу диэн тугун-ханныгын дьиҥ чахчы билбитим,
олох хайа да түгэнигэр илин оттүм ибири корботүгэр,
кэлин өттүм кэбири билбэтигэр күүс-уох, өйобүл буо
лар доҕоттору булбутум», — диэн Амматын туһунан
санаатын үллэстибиттээх.
Мин Бэстирикиэптэр Амматааҕы истиҥ-иһирэх до-
ҕотторун Лебедевтэри кытта корсөбүн.
— Биһиги ураты истиҥ-иһирэх эйгэлээх, таптал сы-
лаас тыынынан сыдьаайбыт Пестряковтар дьиэ кэр-
гэттэрин кытта 1979 сыл тохсунньутугар Амма оройуо-
нун Соморсун нэһилиэгэр көһон кэлиэхтэриттэн ыла
чугастык билсэбит, ыалынан ыкса табаарыстаһабыт.
Олус элэккэй, эйэҕэс майгылаах дьүөгэбит Люба, киһи
киэнэ кэрэмэһэ дэтэр табаарыспыт Филипп, бэйэби-

