Page 88 - Николай Кривошапкин. Алгыһынан арчыламмыт аартык
P. 88
Николай КРИВОШАПКИН 76
туура биллэр. Ол курдук Филипп Петрович инникини
саамылыыр, кэнэҕэскини чэрчилиир сайдам санааты-
нан нэһилиэк дьонун олоҕун бэйэтин сыыдам тэтими-
нэн, олоххо үгүс үорүйэҕинэн оро тардан, барыны-ба-
рытын коҕүлээн «соморсуннар дуо?» дэппитэ.
— Филипп эрчимнээхтик туттан-хаптан, кэлэн-ба-
ран элэстэнэн, туохтан да иҥнибэккэ-толлубакка, ин-
нин хоту кимиилээхтик дьулуруйан иһэрэ, — дииллэр
Анналаах Иннокентий.
* * *
1982—1986 сылларга Соморсун оскуолатын дириэк-
тэринэн үлэлээбит, Российскай Федерация норуотун
үорэҕириитин туйгуна, Российскай Федерация орто
үорэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, «Россия бастыҥ
учуутала» куонкурус кыайыылааҕа Полина Капитоно
ва маннык кэпсээннээх:
— Бэстирикиэптэр диэн бэртээхэй дьон буоллаҕа!
Кинилэри кытта олохпор билсэн ааспыппын дьылҕам
күоҕүнзн симэммит кытыла диэхпин баҕарабын, —
диир хап-сабар бэтэрээн учуутал. — Мин 1977 сыл-
лаахха Саха судаарыстыбаннай университетын биоло-
го-географическай факультетын бүтэрэн, Амма оро-
йуонугар Соморсун орто оскуолатыгар үлэлии тиий-
битим. Оччолорго оскуола дириэктэринэн эдэр, элбэҕи
эрэннэрэр, кэскиллээх, ис-иһиттэн интеллигентной,
үрдүк билиилээх физика учуутала идэлээх Афана
сий Павлов олороро. 1978 сыллаахха кинини үрдэтэн,
Аммаҕа баартыйа оройуоннааҕы кэмитиэтигэр ылбыт-
тара. Онно оскуолабыт дириэктэринэн II Чакыр аҕыс
кылаастаах оскуолатын дириэктэри иитэр-үорэтэр
үлэҕэ солбуйааччы Филипп Пестрякову анаабыттара.

