Page 86 - Николай Кривошапкин. Алгыһынан арчыламмыт аартык
P. 86

Николай  КРИВОШАПКИН                                          74


          тигэр дылы, Соморсун маанылаах сирин сурэхтэринэн
          собүлээн,  дууһаларынан  ылларан  сэттэ  сыл усталаах-
          туоратыгар  олох  оргуйар  үоһүгэр  орүүтүн  инники
          күоҥҥэ  сылдьыбыттара,  куруутун  хайҕал  ханыылаах,
          холобур  тулалаах  айымньылаахтык  түбүгүрбүттэрэ,
          — диэн  миэхэ  ис-истэриттэн  астына,  дуоһуйа  кэпсии
          тоһуйбуттара Анналаах Иннокентий.
             Пестряковтар  үөрүүлэрин-хомолтолорун  тэҥҥэ  үл-
          лэстэр,  олох  оксүөнүн  «итиитин-тымныытын»,  «үрү-
          ҥүн-харатын»  тэҥҥэ туораһар Лебедевтэр Любовтаах
          Филипп  эрдэттэн  былааннаан,  икки  этээстээх  үчү-
          гэйкээн  алаһа  дьиэни  кылгас  кэм  иһигэр  тутан  дьэн-
          дэтэн таһааран, дьону-сэргэни соһуппуттарын да,  сох-
          торбүттэрин да киэн тутта ахталлар.
             —  Арааһа,  мантан  сэдиптээн  буолуо,  Соморсун
          аһаҕас  дууһалаах,  сайдыыга  дьулуһар  үлэһит  дьоно
           кинилэр кэрэхсэбиллээх суолларын батыһан, үтүктүс-
           пүттүү  эмиэ  икки  этээстээх  дьиэлэнэр  үгэстэм-
           миттэрэ.  Ону күн бүгүн Амма улууһугар  Соморсуҥҥа
           саамай  элбэх  икки  этээстээх  дьиэлэр  кэккэлэспит-
          тэрэ  итэҕэтиилээхтик  кэрэһилиир,  —  дииллэр  Амма
           сиригэр-дойдутугар  бииргэ олорбут,  үлэлээбит-хамсаа-
           быт ыаллара,  табаарыстара Лебедевтэр.
             Бу  сылларга  Филипп  Петрович  нэһилиэк  орто  ос-
           куолатыгар  дириэктэрдээбитин,  сэлиэнньэ  Сэбиэтин
           бэрэссэдээтэлинэн  анаммытын  туһунан,  ааҕааччым,
           хайыы-үйэ билэн олороҕун.
             —  Филипп тобуллаҕаһа,  мындыра  бэрт  ээ.  Маҥнай
           утаа  оскуола  кэллэктиибин  ылыннарыылаах  тылыгар
           киллэрэн,  биир  сомоҕоҕо  түмэн,  туохтан  да  чаҕыйан
           турбат  иллээх-эйэлээх тэрилтэтэ улууска  бэркэ  аатыр-
           быта.  Оҕо  аймах  күннэтэ  билии-көрүү  ылар  дьиэтин
   81   82   83   84   85   86   87   88   89   90   91