Page 101 - Ульяна Винокурова. Е. П. Жирков Сайдыы суолун солоон...
P. 101

Төрүт сиргэ уйгуну түстээн


       билэ  баара  буолуо.  Киһи  үксүгэр  буолар  буолбутун,
       ааһар  ааспытын  кэннэ  кэмсинэр.
           Ол  курдук  Егор  Петрович  салгыы  депутат  буолар
       дьулуурун  быыбардааччылара  өйдөөбүттэрэ  буоллар,
       улууска  эрэ  буолбакка,  республикаҕа,  бэл  Россияҕа  да
       былаас  күүһүрэригэр  дьоһуннаах  төһүү  буолара  саар-
       баҕа суох этэ...  Ол эрээри олох охсуһуута суох буолбат,
       кыайыы-кыайтарыы  сиэттиһэ  сылдьар.  Кыахтаах
       киһиэхэ  хотгоруу да  туһалаах:  ис  кыаҕа  саҥа  кырыы-
       тынан  кылбайан  тахсар,  атын  эйгэ  аанын  арыйан,
       киэҥ суолга киирэн  кэлэр.
           Е.П.Жирков  Ил  Түмэн  үлэтиттэн  тохтоон  баран,
       быһаччы эттэххэ, тайҕаҕа түстэ, илин хайаҕа барда, уол
       оҕо үс кырыылааҕа диэбиккэ дылы,  үөрэҕирии эйгэти-
       гэр  саҥа  хайысханы  киллэрэн,  Саха  Республикатын
       саҥа  тутулун  олохтоһон  баран,  билигин  саха  дьоно
       иитиллэр  саҥа  дохуоттаах  эйгэтигэр  суол  солуурга
       турунна.
           Егор  Петрович  депутаттыы  да  сылдьан  улууһун
       дьонун,  саха  күүстээх-күдэхтээх  сытыы  ыччатын  хайа
       промышленноһыгар сыһыарарга дьулуспута.Өймөкөөн,
       Уус  Майа  көмүс  сууйар  артыалларыгар  уус  алданнар,
       элбэҕэ да суох  буоллар үлэлиир түөлбэ  оҥостубуттара,
       хайа  промышленноһыгар  олохтоох  кадр  киирэрин
       көҕүлүүргэ,  үлэтин  тэрийэргэ  Президент,  Ил  Түмэн
       хас да  анал уурааҕа, дьаһала туһаайыллыбыта.
           Егор  Петрович  эдэр  эрдэҕинэ  сиртэн-буортан  тэ-
       йиччи  математиканан  үлүһүйэн  дьарыктаммыта.  Он-
       тон  үүнэр  үйэ  балысхан  долгуна  олох  үөһүгэр  киллэ-
       рэн,  омук  дьылҕатын  биир  сорунуулаах  эрдииһитэ
       буолбута.  Төрөөбүт  төрүт  сирин  уйгутун  олохтоох
       дьоҥҥо туһаайар  сокуоннары  айыыга идэтийэн  баран,
       аны билигин ону бэйэтэ тутан-хабан тэрийэр.  Күүһүн-

                                   97
       7  Зак.  №   150
   96   97   98   99   100   101   102   103   104   105   106