Page 102 - Кун кууьар хайатыттан
P. 102
Күн-Киһи! Баарбын эһигинниин!..
Иҥэриниҥ дуу искитигэр миигин!..
2
Бу хайалардыы кырдьаҕаспын мин,
Бу сыырдартан былыргыбын мин,
Эн эрэллээх айанньытыҥ,
Эн аргыһыҥ
Мин — Киһи!
Үйэлэр тухары хайа биһиктээх,
Тааска үүммүт харыйалыы тыыннах,
Таас долгуннары миинэммин,
Олох акыйаанын устун
Үйэлэр быыстарынан устабын,
Бу хайатааҕар былыргы,
Ырыанан абылыыбын.
Мин эйиэхэ — бүгүҥҥү күммүн
Уонна кэлэр кэнэҕэскибин,
Мин — айааччыбын!
Мин мэлдьи баарбын!..
КЫРГЫЗ АЙЫЫ этиитэ
МАНААС-
Мин Мухаммедым! ,
Мин Буддаам!
Мин Исаам!
Мин Шиивам, Таҥарам!
Кыырай халлаан — мин Айыым!
Айылгым уонна Өрөһүлтэм!..
Хааным хаана,
Дууһам дууһата!..
Үйэлэр тухары муҥнаммыт — сүрэҕим!..
Тааска хаанынан оҕуолаабыт — быарым!..
...Оннук эбээт хабыр тумустаах
100

