Page 107 - Кун кууьар хайатыттан
P. 107

Толкуйдаан бэйэбэр сонуну арыйдым:
                 Соҕотох — соргулаах буоларын өйдөөтүм.
                 Бу кини — кун ийэ — салгын, уу кэриэтэ,
                 Доҕоруҥ, ойоҕуҥ да курдук, быһыыта,
                 Эйигин тыла суох өйдүөхтээх, өйүөхтээх —
                 Соҕотох иһийии соргулаах туруга.
                 Буруйдуом суоҕа мин кими да,
                 Алҕаска ааммын арыйбатаххытына,
                 Уоппар да өҥөйөн ааспатаххытына.
                 Бигэ тыл биир буоллун билигин:
                 Соҕотохсуйуу тургуттун миигин
                 Уонна доҕордоһуу уйанын.

                                    2
                 Олоҕум суолугар көрсүһэ түспүттэр,
                 Күннээҕи дьаһаҕым тиһигин билбиттэр
                 Элбэҕи миэхэҕэ көннөрөр этилэр,
                 Ол курдук иһирэх доҕоттор этилэр.

                 Өскө мин кууһаары илиибин даллатан
                 Доҕорбун көрсүһэр түгэммэр даҕаны,
                 Киниэхэ буолбатах — соҕотохсуйууга
                 Дьулуһар эбиппин, билигин эттэххэ.

                 Олох биир — бары да билэбит.
                 Ол эрэн кулуттаан олоҕу барыыбыт.
                 Оо, дьонноор, тоҕо бу оннугуй?
                 Кыраны аахайан улууну көрбөппүт?
                 Итиннэ харданы этиэҕэ соҕотохсуйуу —
                 Айааччы (Алыкул) тылынан кэпсэтэр иһийии.
                 Мин көнө сүрүммүн, өргөстөөх сүрэлбин
                 Буһарар-хатарар соҕотох тургутуу.

                 Санаалыын санаанан кэпсэтэр түгэҥҥэр
                 Ынырык да куттал эбэтэр хараҥа
                 Айар күүс уотугар эмискэ хотторор,
                 Үрдүккэ сирдиир иэйиигэ кубулуйар.

                                                                105
   102   103   104   105   106   107   108   109   110   111   112