Page 284 - Кун кууьар хайатыттан
P. 284

турар.) Чэ, тоойуом, төҥкөй... (Уулаах иһити сиэнин төбөтүн
              үрдүнэн ус төгүл эргитэр.) Чэ, билигин силлээ бу иһиккэ...
              Итинник... уонна «тьфу» диэ... (Чааскыны Майрашка биэрэр.
              Шершекеҕэ туһаайан.) Учуутал, эн баалаама. Мин былыргы
              киһибин. Үөрбүтүм оччо. (Дженишбеккэ.) Кэл миэхэ, чыы-
              чааҕым оҕото! (Кууһан сыллыыр.) Миигин ахтан кэллиҥ дуо?
              Көмүһүм оҕото! Ол иһин этэбин ээ, мин оҕом өй хаата диэн!
              Күрээн кэллиҥ ини?
                 Дженишбек. Суох, эһээ. Үчүгэйдик кэллим.
                 А к ы л б е к. Оттон ийэҥ хайдах ыытта?
                 Дженишбек. Ийэм бэйэтэ бар диэтэ.
                 А к ы л б е к. Ол хайдах бэйэтэ?
                 Дженишбек. Оттон оннук.
                 А к ы л б е к. Зуура! Мин Зуурам инньэ диэтэ дуо?
                 Дженишбек. Кини этэр: «Манна эйигин атаҕастыыл-
              лар. Эн ол кэриэтин эһэҕэр бар, онно доҕотторуҥ бааллар.
              Антах эйиэхэ ордук буолуо», — диэн.
                 А к ы л б е к. Оттон эн туох диэтиҥ?
                 Дженишбек. Үөрүүнэн сөбүлэстэҕим дии.
                 А к ы л б е к. Ии, 050м маладьыас! Ой хаата! Хайа, оҕо-
              лоор, Дженишбеги бэйэҕитигэр ылар инигит?
                 Борбук, Сапай. Үөрүүнү кытта!
                 А к ы л б е к (уолга). Оо, уолчааныам, эйигин олох да ум-
              нан сылдьар эбиппин дии. Эн миэхэ үөрүүлээх сонуну аҕал-
              бытыҥ буолбаат!
                 У о л. Мин.
                 А к ы л б е к. Туту манньалыыбын?
                 У о л. Ээ, суох, эһээ, ылбаппын туту даҕаны.
                 А к ы л б е к. Суох, итинник табыллыбат. Үчүгэй сонуну
              аҕалбыт киһини кураанах ыытыллыбат. Тохтоо эрэ... (Долбуур-
              тан кинигэни ылан, быылын сиэҕинэн сотор, чочумча тура түһэн
              көрөр.) Мэ, маны ыл. Бу мин Болотбегым кинигэтэ, оскуолаҕа
              эн саҕа эрдэҕинэ бэлэхтээбиттэрэ. Ыл, тоойуом, өйдүү-саныы
              сылдьаар. Харыстаа.
                 У о л. Баһыыба, эһээ.
                           Күөл диэкиттэн борохуот хаһыыта иһиллэр.
                                        Тохтобул.
                                    Бары иһиллииллэр.
              282
   279   280   281   282   283   284   285   286   287   288   289