Page 368 - Кун кууьар хайатыттан
P. 368

Кермарал. Ытык Хайа анныгар.
                 Б у г у ч а р. Онно туох баарый?
                 Кермарал. Онно биһигини араҥаччылыыр Ийэ Кай-
              берен тааһа баар.
                 Б у г у ч а р. Ийээ, биһиги сис хайабыт олус кэрэ, олус
              үрдүк дни!
                 Кермарал. Бу сис хайа... бу өрүс... бу күөл... бу тыа... —
              барыта эйиэнэ.
                 Б угу чар. Иэхэйбиин... Барыта... Барыта-барыта миэнэ
              дуо?
                 Кермарал. Барыта. Бу таас... бу чэчик, атадыҥ анныгар
              тэлгэнэ сытар от... көтө-дайа сылдьар лыах... тигээйи... — бу
              бары эн додотторуҥ. Кинилэри кытта иллээхтик-эйэлээхтик
              олоруохтааххын. Кими даданы атадастаабакка.
                 Б у г у ч а р. Тааһы эмиэ дуо?
                 Кермарал. Тааһы эмиэ. Эн ойо-тэбэ ойуоккалыыр
              кэмҥэр эйиэхэ тирэх буолан көмөлөһөр, көтүтэр.
                 Б у г у ч а р. Ийэкээ, кини тыыннаах буолбатах ээ.
                 Кермарал. Ким эппитэй — тыыннаах буолбатах диэн?
              Бу Орто дойдуга бары-барыта тыллаах, тыыннаах. Таас эмиэ.
              Уу эмиэ. Тыал эмиэ. Сатаан истэ эрэ үөрэниэххэ наада.
                 Б у г у ч а р. Хайдах?
                 Кермарал. Тулалыыр эйгэдэр болдомтолоох буоллах-
              хына. Кэккэлэһэ хаамыахха, иннибэр сүүрүмэ.
                 Б у г у ч а р. Togo?
                 Кермарал. Уоруохтарын сои.
                 Б у г у ч а р. Соп.
                 Кермарал. Хаалыма. Боре сиэдэ. Аттыбар сырыт. Ада
              киһи аман өһүн болдойон иһит, аралдьыйыма. Болдойон
              иһит.
                 Б у г у ч а р. Соп, ийээ.
                 Кермарал. Киэһэрдэ. Бүгүн манна хонуохпут. Сарсын
              салгыы айанныахпыт.
                                          Түүн.
                  Кермарал тааска ойон тахсан тулатын көрүнэр, онтон аллара түһэр
                 уонна таас анныгар сытар. Бугучар эргичиҥниир, тааска ойон тахсар,
                                      тулатын көрөр.
                 Бугучар. Ийэкээ! Манна икки халлааннаах дуо?
              366
   363   364   365   366   367   368   369   370   371   372   373