Page 370 - Кун кууьар хайатыттан
P. 370

Ке р марал. Togo диэтэр... тоҕо диэтэр, уон үйэҕэ биирдэ...
                 Б у г у ч а р. Туох... туох уон үйэҕэ биирдэ?
                 Кермарал. Этиллиэ суохтааҕы быктардым. Хаайыма.
              Бобуулаах.
                 Б у г у ч а р. Ким боппутай?
                 Кермарал. Кайберен Ийэ. Биһиги араҥаччыбыт. Ки-
              нилэртэн бэлиэ кэлэ илигинэ этиллиэ суохтаах.
                 Б у г у ч а р. Ол ханнык бэлиэ буолуохтааҕый?
                 Кермарал. Түксү. Утуйуохха. (Хобо чуораан тыаһа
              иһиллэр.) Оо, Айыы Тойон!..
                 Б у г у ч а р. Ийэкээ... тугуй?
                 Кермарал. Бэлиэ... Араҥаччыбыт Кайберен Ийэ хобо
              чуораана. Уон үйэҕэ биирдэ биллэн ааһар бэлиэ. Бу үтүө бэ­
              лиэ, тугутчааныам...
                 Б у г у ч а р. Ийэкээ, миигин «тугутчааныам» диэмэ. Улаат-
              тахпына... күүстээх уонна кэрэ да кэрэ таба буолуом.
                 Кермарал. Улааттаххына кэрэ фея буолуоҥ дии... От­
              тон билигин эн тугутчаантгын.
                 Б у г у ч а р. Оттон иккис үтүө бэлиэ баар дуу? Билиэхпин
              баҕарабын.
                 Кермарал. Тааска түлпээн үүнэр. Оччоҕо биһиэхэ үтүө
              кэм эргийэр.
                 Б у г у ч а р. Оттон үһүс бэлиэ? Үһүс бэлиэ хайдаҕый?
                 Кермарал. Икки атах ытык тылы ыһыктыа...
                 Б у г у ч а р. Ханнык?
                 Кермарал. Ону билэр наадата суох.
                 Б у г у ч а р. Уон үйэҕэ биирдэ өссө туох буолуой?
                 Кермарал. Уон үйэ анараа өттүгэр... Айыы Тойон
              ыйааҕынан Кайберен Ийэ биир кыыһа икки атахха кубулуй-
              бута.
                 Б у г у ч а р. Дуо?! Хайдах ол? Ийээ, кэпсээ...

                                    Төрдүс оонньуу
                                         Номох
                                 Хаардаах хайа оройо. Саас.
                   12—14 саастаах кэрэчээн к ы ы с о ҕ о таба таҥастаах, хомус
                 тарда-тарда, тугуттары кытга оонньуу сылдьар. Т у г у т т ар таастан
                тааска ойуоккалыыллар. Оонньуу аата — «Так-теке». Кыыс төбөтүгэр
                                 таба тириитэ бэргэһэлээх.
              368
   365   366   367   368   369   370   371   372   373   374   375